Мин фронум кирбиитэ: эһэм Ленинград блокадатын кыттыылааҕа

Share

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Ленинград куорат 872 күннээх өстөөх ытарчатын тулуйбута. Бу ытык сир көмүскэлигэр атын омук дьонун кытта ыраах Саха сириттэн эмиэ бааллара. Кинилэртэн биирдэстэрэ мин эһэм Ефимов Николай Григорьевич буолар.

Эһэм 1914 сыл кулун тутар 8 күнүгэр төрөөбүт. Аҕата – Ефимов Григорий Яковлевич, ийэтэ – Ефимова Мария Егоровна.  Эһэм кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ Чита уобалаһыттан Өлүөхүмэ оройуонугар көһөн кэлбиттэр уонна Даппарай диэн дэриэбинэҕэ олохсуйбуттар. Аҕата эрдэ өлөн, тулаайах хаалбыттар. Ийэтэ баай ыалга хамначчытынан үлэлээн, оҕолорун бэйэтэ иитэлээбит. Эһэм ыал улахан оҕото буолан оскуолаҕа үөрэммэккэ, ийэтигэр көмөлөһөн, араас үлэҕэ эриллибит. Эһэм улаатан баран, бииргэ төрөөбүт быратыныын Егордуун холкуоска үлэлээбиттэр. Сайынын от үлэтигэр, кыһынын сүөһү кэрүүтүгэр, от-мас тиэйиитигэр сылдьыбыттар. Онтон Охотскайга, Көмүстээх Алдаҥҥа сыарҕалаах аттарынан таһаҕас таһыытыгар, бэдэрээккэ сылдьыбыттар. Кыһыҥҥы түптэлэс тымныыга чараас таҥастаах, аччык аҥардаах сылдьар манан дьыала буолбатах. Онно олус эрэйдээх, эппиэтинэстээх эбит. Ыраах айаҥҥа сылдьан араас быһылааннар, мучумааннар тахсаллар эбит. Аттара ыран, ыалдьан охтоллоро, сыарҕалара алдьанан, арыт аттарын сэбэ ыһыллан эрэй бөҕөтүн көрөллөр эбит. Ону таһынан өрүстэр, үрэхтэр тааҥнаан, суолларыгар араас быһылааннар буолаллар. Сороҕор аттара ааһан  эрэр массыына уотуттан сиргэнэн туора ыстанан, араллаан бөҕөтүн оҥороллоро үһү. Хабыс хараҥаҕа сыарҕаларын оҥостон, ыһыллыбыт таһаҕастарын хомуйан, салгыы айанныыллар эбит. Ол иһин биирдэ кыһалҕаттан утары иһэр массыыналарга сүүрэн тиийэн, аттарын туйахтарын иһиэхтиир өтүйэлэринэн паараларын үлтүрүтэ сыспыттар. Онтон ыла “өтүйэлээх өлүөхүмэлэр” буолбуттар.

Эһэм кэлин холкуоска үлэлээбит. 1941 сыл атырдьах ыйын 5 күнүгэр Кэрбиилэ арыыга оттуу сырыттахтарына эһэбэр уонна кини быраатыгар Егорга бэбиэскэни туттарбыттар. Кыыллаахтан 50 киһи аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Өлүөхүмэ куоракка оҥочонон киллэрбиттэр. Хамыыһыйаны ааһааттарын кытта борохуотунан Өлүөнэ өрүс баһыгар ыыппыттар. Онтон поеһынан айаннаан Бурятияҕа тиийбиттэр. Онно үөрэхтээхтэри, үөрэҕэ суохтары тус-туспа араартаан, сэрии сэбин туттарга үөрэппиттэр. Эһэм үөрэҕэ суох буолан пехотаҕа, оттон быраата Егор атын чааска түбэспит. 1941 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга бигэ тылын биэрбит уонна сапердар батальоннарыгар анаммыт. Чита куоракка илдьэн, өссө икки нэдиэлэ үөрэппиттэр. Эһэм дойдутугар сылдьан бастыҥ булчут эбит. Тииҥи тириитин алдьатымаары төбөҕө эрэ табара үһү. Ол иһин сыалы ытыыга барытын таппыт. Онтон Даурияҕа тиийбиттэр, миинэни иитэргэ, эһэргэ үөрэппиттэр. Үс араас миинэни баһылаабыт, манна эмиэ туйгун көрдөрүүлэммит. Онтон поеһынан Красноярскайга аҕалбыттар, эбии үөрэтэн баран Ленинградскай фроҥҥа ыыппыттар. Аара баран иһэн ньиэмэс сөмөлүөттэрин буомбалааһыннарыгар түбэһэ сылдьыбыттар. Ленинград чугаһыгар тиийэн, үс күн устата сатыы хааман, олохтоох сирдэрин булбуттар. Эһэбин разведротаҕа саперынан анаабыттар. Разведкаҕа сылдьар ньымаларга, маскировкаланар албастарга, ракетницанан сөпкө туттарга үөрэппиттэр. Разведчик сыылар “суола” этэҥҥэ буоллаҕына, кыһылынан ытар эбит. Оттон туох эмэ алдьархай таҕыстаҕына салгыҥҥа үрүҥ ракета уһууран тахсыахтаах. Оччоҕо киниэхэ көмө ыытыллар үһү. Разведкаҕа түүн сылдьаллар, күнүһүн сынньаналлар. Арыт түүн миинэни көрдүү, өстөөхтөн “тыл” ыла эбэтэр ньиэмэс сэбэ-сэбиргэлэ төһө баарын билэ кытаанах сорудахтарга бараллар эбит.

Биирдэ разведкаҕа сырыттаҕына, чугас ньиэмэстэр саҥалара иһиллибит. Кинилэр эмиэ разведкаҕа баран испиттэр. Эһэм снаряд дэлби тэппит аҥхайыгар саспыт. Ол кэмҥэ өстөөхтөр утуу-субуу кини сыппыт аҥхайыгар кэлбиттэр. Эһэм ыксаан, аптамаатынан ытыалаабыт. Бу кылгас хапсыһыыга барыларын хаптаппыт. Арай биир ньиэмэс саллаата бааһырбытын эһэм билбэтэх. Дьонугар төннөн кэлбитигэр хамандыыра мөҕө тоһуйбут уонна нэрээт биэрбит. Нууччалыы мөлтөхтүк билэр эһэм эрэйдээх нэһиилэ: “Я жить хочу”, — диэхтээбит. Сорудахха инники кирбиини аһара барбыт дьоно, били, ытыалаһыыны истэн, эһэм хаалбыт сиригэр кэлбиттэр. Сапердара хаалбыт аҥхайыгар хас да ньиэмэс саллаата өлө сытар үһү. Кинилэр ортолоруттан биир бааһырбыт ньиэмэһи булан илдьэ кэлбиттэр. Ол кэнниттэн хамандыыр эһэбин аны хайҕаабытынан барбыт, саннын таптайбыт. Нэрээт толоруллубатах.

Биир оннук сорудахтан ньиэмэс аптамаатын илдьэ кэлбит. Онуоха хамандыыра эмиэ кыыһыра тоһуйбут. Эһэм нууччалыы-сахалыы: “Автомаппыт төгүрүк дискэлээх буолан, сыыларга мэһэйдиир уонна өҕүллэн хаалан кыайан ыппат буолан эрэйдиир. Оттон ньиэмэстэр автоматтара уһун дискэлээх, сыылларга мэһэйдээбэт, ытарга олох аккаастаабат”, —  диэн быһаарбыт.

Эһэм ити курдук 1941 сыл күһүнүттэн 1943 сыл олунньутугар диэри Ленинград куорат көмүскэлигэр сылдьыбыт. Онтон Ленинград куораты босхолуур сэриигэ атаҕар ыараханнык бааһырбыт. Госпитальга эмтэнэн баран дойдутугар1943 сыл атырдьах ыйыгар эргиллэн кэлбит, оттон быраата Егор төннүбэтэх, дьонугар сураҕа суох сүппүт диэн биллэрии кэлбит этэ. Сэриигэ барбыт 50 буойунтан түөрт эрэ киһи тыыннаах дойдутугар эргиллэн кэлбит. Түөһүгэр кылыгыраспыт мэтээллэрдээх эһэм Николай Григорьевич Ефимов сэрии кэнниттэн аны үлэ фронугар күүһэ кыайарынан көмөлөспүт. Сэрииттэн кэлээт, атаҕар бааһыран баттыктаах сылдьан, холкуос үлэтигэр кыттыбытынан барбыт. Күһүн бурдук хомууругар, молотилкаҕа үлэлэспит. Онтон кыһынын сылгы көрүүтүгэр сылдьыбыт. 1944 сыл ыам ыйыгар эбэбинээн Корнилова Анисия Дмитриевналыын холбоһон ыал буолан, Даппарайга олохсуйан, бастаан субан сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбиттэр. Салгыы эһэм холкуос Даппарайдааҕы биригээдэтигэр  биригэдьииринэн анаммыт. Кини үлэлиир кэмигэр алаастарынан ыһыллан олорор ыаллары Тарыҥ үрэх диэн дэриэбинэҕэ көһөртөөбүттэр. Эргэ таҥара дьиэтин саҥа дэриэбинэҕэ көһөрөн аҕалан, кулууп оҥорбуттар. Үрэх кытыытыгар саҥа уопсай баанньык туппуттар, начаалынай оскуола аһыллыбыт. Онон дэриэбинэ оҕолоро оскуолаҕа үөрэнэр кыахтаммыттар.

Сайын от үлэтэ саҕаланыан иннинэ эһэм биригээдэ тэрийэн оҥочо оҥорон, от үлэтин кэмигэр кыһалҕата суох арыыга аттарын, тиэхиньикэлэрин туоратан, холкуос сүөһүлэригэр оттууллара. Онтон 1956 сылтан Кыыллаахха ынах сүөһү пиэрмэтигэр сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлээбит. 1965 сыллаахха холкуостар бары холбоһон сопхуос буолбуттар. Кэлин сопхуос кадровай булчутунан үлэлээбит. Сылын аайы бэриллибит былаанын аһара толороро. Сайынын от үлэтигэр звенону салайан үлэлэтэрэ. Үчүгэй үлэтин иһин араас кырааматаларынан, хайҕал суруктарынан наҕараадаланара, бириэмийэ арааһын ылара. 1970 сыл бастыҥ үлэтин бэлиэтээн “Коммунистическай үлэ ударнига” үрдүк ааты иҥэрбиттэрэ. Сири-дойдуну биэс тарбах курдук билэрин иһин, хас да сайын научнай эспэдииссийэҕэ сирдьитинэн сылдьыбыт. Кини көмөтүнэн Өлүөхүмэ улууһун тыатыгар киис кыыл үөскээбит. Өлүөхүмэ улууһугар үүнэр эмтээх үүнээйилэри үөрэтэр эспэдииссийэҕэ эмиэ кыттыбыта.

Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, Чаара-Токко геологическай-чинчийэр эспэдииссийэҕэ харабылынан үлэлээбит. Бу үлэтигэр эмиэ бириэмийэлэнэн, кырааматаларынан наҕараадаламмыт.

Эһэм иллэҥ кэмигэр балыктыырын, бултуурун сөбүлүүрэ. Кэлин сүрэҕин баҕатынан бэйэтэ ааҕарга, суруйарга үөрэммитэ. Сэрии, тыыл уонна үлэ бэтэрээнин быһыытынан элбэх үбүлүөйдээх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Эһэм 1984 сыллаахха 70 сааһын туолан баран суох буолбута.

Мин Ленин куоратын көмүскэспит бойобуой сырыылаах эһэм Николай Григорьевич Ефимов аатынан киэн туттабын.

Сиэнэ Арина Шишигина, СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев аатынан Өктөмнөөҕү үөрэх уонна билим киинин педагог-психолога.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бырабыыталыстыба отчуота дьон-сэргэ этинэригэр кыах биэрэр

«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан быйылгы сыллааҕы тутууну бэлиэтээн ааста

“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

СӨ Ыччат бэлиитикэтин туһунан сокуоҥҥа уларыйыы киириэҕэ

“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр сөптөөх соруктар туруорулуннулар

Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…

7 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үлэтэ суох 50 саастаах эр киһи биэнсийэлээх дьахтар харчытын уорбут

Мииринэй улууһугар полицейскайдар биэнсийэлээх дьахтартан баан каартатыттан харчы уоруутун дьыалатын арыйдылар. Харчыны уорбут уорбаланааччынан дьахтар…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олунньуттан үлэтэ суохтарга босуобуйа муҥутуур кээмэйэ үрдүө

Олунньу 1 күнүттэн үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ 9,5%-нан эбиллэн, муҥутуур кээмэйэ 15 тыһ. солк. тахса…

8 часов ago