«Мин геологтыы барыам этэ, миигин үөрэттиннэр!”

Share

Хас биирдии үлэни биэрээччи үрдүк бэлэмнээх уонна идэтигэр бэриниилээх исписэлиистэри сэҥээрэр. Бэйэлэрин биир идэлээҕинэн буолуохтаах үлэһити оҕо эрдэҕиттэн үүннэрэринэн аҕыйах бөдөҥ тэрилтэ киһиргэнэр кыахтаах. Ол да буоллар, Саха сиригэр бу боппуруоска  кыраҕы  хараҕын уурар хампаанньа баар. Хас биирдии үөрэнээччи ордук наадалаах  идэҕэ  тус сыаллаах үөрэнэр, үлэ ымпыгын-чымпыгын уонна усулуобуйатын  эрдэттэн билэр кыахтаах. Бүгүн биһиги ол туһунан кэпсиэхпит.

Ыра санаа туолар!

Матвей Петров оҕо эрдэҕиттэн геолог буолуон баҕарара. Кини күндү  тааһы булан ийэтигэр бэлэхтээри, өрүс кытылыттан араас таастары көрдүүрүн, таастар быһыыларын-таһааларын, өҥнөрүн-дьүһүннэрин сөҕөрүн-махта­йарын туһунан ахтар.

Хайыы үйэ сэттис кылааска сылдьан геолог буолар сыалы-соругу туруоруммута.

Кини билигин – Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет геологическай-чинчийэр факультетын V кууруһун устудьуона. Дьиҥэр, оҕо сааһыттан баҕарбыт идэтигэр буолбакка, «хайа үүттээччи-инженеригэр» үөрэнэр.

– Миэхэ университеттар  эри­йэн,  үөрэххэ киирбитим туһунан сонуну этэн үөрдүбүт күннэрин өйдүүбүн. Онтон үөрэх дьылын бастакы күнүгэр “дьөлө үүттээччи” идэтигэр ылыллыбыппын билбитим.

Билигин санаатахпына, идэбин сөпкө талбыт эбиппин. Бастатан туран, бу – кэскиллээх идэ, үлэ мэлдьи баар буолар. Иккиһинэн, үүттээччилэр (буровиктар)  куһаҕана суох харчыны аахсаллар, былырыын оту итэҕэйбитим. Онон, маннык идэни талбыппыттан үөрэбин эрэ, – диэн Матвей санаатын үллэһиннэ.

Олус бэрт усулуобуйалар

Матвей былырыын бииргэ үөрэнэр үс уолун кытары АЛРОСА бөлөҕүн  “АЛРОСА-Спецбурение”  хампаанньатыгар быраактыкатын аан бастаан барбыта.

– АЛРОСА биһиги кафедрабытыгар сайаапка түһэрбитэ. Түөрт уолу талбыттара, биһиги дуогабар түһэрсибиппит, мэдиссиинискэй чинчийиини ааспыппыт. Хампаанньаттан анаммыт куратор  бары түһүмэхтэргэ улаханнык көмөлөспүтэ, онон бэлэмнэнии түргэнник барбыта.

Биһиги бастаан Удачнайга кэлбиппит, онтон кууруһум уолаттарын кытары Айхал бөһүөлэгэр Айхаллааҕы геологическай-чинчийэр  баартыйаҕа барбыппыт. Биһиэхэ олус бэрт усулуобу­йаны оҥорбуттара. Тута атах таҥаһыгар тиийэ, саҥа таҥаһы биэрбиттэрэ, үлэһиттэр уопсайдарыгар  олоххо-дьаһахха наадалаах барыта баара – диир кини.

Үлэҕэ-хамнаска доҕордоһуу

Стажердары бастакы оробуочай  “сүрэхтээһин” Удачнайтан чугас ­учаастакка буолбута. Матвей этэринэн,  үлэҕэ сыыйа-баайа ылсыбыттар.

– Биллэн турар, биһиги тута үүттүүр үлэҕэ чугаһаппатахтара. Бастакы күннэрбитигэр ыраахтан кэтээн эрэ көрөрбүт. Ол гынан баран, күнтэн күн аайы чугаһаатар чугаһаан испиппит. Балааккаларга биир нэдиэлэ олорорбут буолуо дии санаабытым, ол гынан баран, манна эмиэ барыта табыгастаах, үчүгэй этэ. Күн аайы симиэнэ кэнниттэн сынньанар сиргэ (богуончуктартан турар дьоҕус бөһүөлэктэр диэн ааттыахха сөп)  барабыт. Хосторго билииккэтиттэн саҕалаан, холодильнигар, дууһугар тиийэ барыта баар.

Онтон Айхалга баран, кырыһы ускуустубаннайдык тоҥорорго аналлаах быһыкка тиэхиньиичэскэй ха­­йаҕастары үүттээбиппит. Дьөлө үүттүүр биригээдэҕэ 5-6 киһи: икки машинист, машинист 2 көмөлөһөөччүтэ, дизелист, тырахтарыыс үлэлииллэр, барыларын геолог “урууллуур”.

Мин ордук идэлээх, үрдүк таһымнаах үлэһиттэр биһиэхэ сыһыаннарын сөхпүтүм. Кинилэр кэпсэтэргэ-ипсэтэргэ олус боростуойдар. Бастаан устудьуон­нарга, этэргэ дылы, “желторотиктарга” тымныытык сыһыаннаһыахтарын сөп дии санаабытым. Ол эрэн, биһиэхэ бары тэҥнээхтэрин курдук сыһыаннаспыттара. Биригээдэҕэ эрэ буолбакка, барытыгар.

Онон, кэлэктиип – биир улахан дьиэ кэргэн диэн чопчу этиэхпин сөп. Үтүө санаалаахтар, бэйэлэрин эбэһээтэ­листибэлэрин хаачыстыбалаахтык толорорго интэриэстээхтэр, уопсай дьыала туһугар ыалдьаллара көстөр.

Мин быйыл университеппын спе­циалитет бырагырааматынан бүтэрэбин. Миигин Арассыыйа Сэбилэниилээх күүстэригэр сулууспа күүтэр, онтон АЛРОСА-ҕа үлэҕэ киириэхпин наһаа баҕарабын, – диэн Матвей мичээрдиир.

Хампаанньаны кытта  билсии

Матвей холобура  эн баҕалаах уонна үчүгэй компетенциялаах  буоллаххына, хаһан баҕарар кэскиллээх хам­­паанньаҕа үлэҕэ киириэххэ, таптал­лаах дьыалаҕынан дьарыктаныахха  уонна дьоһуннаах хамнаһы ылыахха сөбүн көрдөрөр. Онуоха инникитин ханна үлэлии киирэргэр оскуола ыскаамыйатыттан сыал-сорук туруорунуохха наада.

АЛРОСА корпоративнай университета үөрэнээччилэри уонна устудьуоннары кытары  ыччат идэни таларыгар уонна үлэлииригэр көмөлөһөр хайысхаҕа  көхтөөхтүк үлэлиирэ идэни үчүгэйдик толкуйдаан көрөн баран таларга көмөлөһөр.

– Биһиги идэлээх дьону төһө кыалларынан эрдэттэн бэлэмниэххэ наадатыгар эрэллээхпит. Онон, оскуола ыскаамыйатыттан саҕалаан үлэлииргэ кыһаллабыт.

Биһиги профориентационнай бырайыактарбыт уопсай үөрэхтээ­һин оскуолаларын 7-11 кы­­лаастарын үөрэнээччилэригэр ха­­йысхалаахтар. Биһиги аан бастаан хампаанньаны, идэлэри билиһиннэрэбит. Хампаанньа үлэһиттэрэ үөрэнээччилэргэ бэйэлэрин үлэлэрин туһунан кэпсииллэр, үлэҕэ үөрүйэхтэрин оҕолору кытары үллэстэллэр. Онус кы­­лаас үөрэнээччилэрэ орто  звено түһүмэҕин аһаран баран, “АЛРОСА-кылаас” үөрэнээччилэринэн буолаллар, – диэн АЛРОСА Корпоративнай университетын профориентацияҕа уонна ыччаты кытары үлэҕэ салайааччы Анна Подкаменная кэпсээтэ.

Бииргэ үлэлээһин

Биһиги дьоруойбут Матвей Петров устуоруйатыгар төннөн, АЛРОСА ХИФУ  бырамыысыланнас хампаанньаларыттан биир сүрүн бииргэ үлэлэһээччитэ буоларын бэлиэтиэххэ наада. Университет ректора Анатолий Николаев кэпсээбитинэн, хайа-хостуур сүрүн хампаанньаны кытары бииргэ үлэлээһин үрдүк үөрэх кыһатыгар улахан суолталаах эрэ буолбатах, ону таһынан Саха сиригэр стратегическай суолталаах.

– АЛРОСА – Саха сиригэр үлэни биэрээччи улахан хампаанньа. Кэнники сылларга  университеты бүтэрбит  сүүһүнэн кэриҥэ ыччат  хампаанньа араас тэрилтэтигэр  үлэҕэ киирдэ. АЛРОСА биһиги эндаумент-пуондабытын эмиэ үбүлүүр. Ол көмөтүнэн университеты сайыннарарга хайысха­лаах бырайыактары олоххо киллэрэбит. Биһиги сүрүн бииргэ үлэлэһээччибитин кытары хардарыта бииргэ үлэлээһиммитин кэҥэтэр былааннаахпыт, – диэн ректор бэлиэтээн эттэ.

Билигин АЛРОСА ХИФУ энда­умент-пуондатын алта тус сыаллаах хапытаалыттан иккитин донорынан буолар – инфраструктураны, науканы, үөрэҕи сайыннарарга уонна социальнай өйөбүлгэ, ону таһынан университет үлэһиттэрин үөрэтэргэ, идэлэрин үрдэтэргэ уонна стажировкаҕа.

АЛРОСА 2012 сылтан эндаумент-­пуондаҕа миллиард аҥаарын кэриҥэ солкуобайдаах сууманы укта. Өссө 65 мөлүйүөн солкуобай Мииринэйгэ ХИФУ салаатыгар (МПТИ) тус сыаллаах көмө быһыытынан бэриллибитэ.

(Салҕыыта бэчээттэниэ)

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

40 минут ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

14 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

15 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

15 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

15 часов ago