«Мин – профессионалбын» олимпиада түмүктүүр түһүмэҕэ саҕаланна

Share

Саха сиригэр «Мин – профессионалбын» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар олимпиадаларын «Социология», «Экэниэмикэ» хайысхаларынан түмүктүүр түһүмэхтэрэ буолуохтара. «Мин – профессионалбын» – бу «Россия – страна возможностей» Бэрэсидьиэн платформатын бырайыага буолар. 

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Талар түһүмэх ахсынньыга түмүктэммитэ, онон кыттааччылар түмүктүүр түһүмэххэ ыҥырыллыбыттара. Быйыл түмүктүүр киирсиигэ бары эрэгийиэннэртэн 8 хайысханан барыта 5911 устудьуон кыттар. Бу олимпиадаҕа 35 үрдүк үөрэх кыһата уонна 500 партнер (тэрилтэ) сорудахтары оҥороллор.  Устудьуоннар инники идэлэрин ымпыгын-чымпыгын билэргэ, сатабылга күрэстэһэллэр.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

«Мин – профессионалбын»  VII сезонун түмүктүүр түһүмэҕин бастакы финала Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка олунньу 17 күнүгэр буолуоҕа.  Түмүктүүр түһүмэх муус устар ыйга бүтүөҕэ, ыам ыйыгар олимпиада  VII сезонун түмүктэрэ тахсыахтара.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Олимпиадаҕа кыайбыт устудьуоннар араас чэпчэтиинэн туһаналлар:  үөрэх саҥа үктэлигэр – магистратураҕа, ординатураҕа, аспирантураҕа киирэллэригэр, бастыҥ тэрилтэлэргэ стажировкаланалларыгар чэпчэтиилэр бааллар, оу тэҥэ 300 тыһыынча солкуобайга тиийэ харчынан бирииһи туталлар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Бизнес-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

49 секунд ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

3 часа ago