“Айар “ кинигэ национальнай кыһатын долбууругар — саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Ивановна Харлампьева “Эрбэһинтэн ыйытаар“ диэн хоһооннорун саҥа хомуурунньуга таҕыста. Норуодунай бэйиэт саха ааҕааччыларын, айар үлэтигэр сүгүрүйээччилэрин хомуһуннаах хоһоон, илбистээх иэйии түһүлгэтигэр ыалдьыттата ыҥырар.
Норуодунай бэйиэт саҥа кинигэтэ “Мин сахабын дэнэрбэр… “ диэн саха киһитин кутун-сүрүн таарыйар, толкуйдатар, уһуну-киэҥи анаарар хоһоонунан арыллар. Саха сирин Суруйааччыларын айар сойууһа тэриллибитэ 90 сылын көрсө, өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо күнүгэр анаабыт курдук, бэчээттэнэн кэлбит кинигэ икки түһүмэҕэ норуоппут дьылҕатын туһунан анаарыыга, олоҥхо уонна бүгүҥҥү олох алтыһыыларын туһунан бөлүһүөктээн толкуйдааһыҥҥа анаммыт.
Кинигэ үс түһүмэхтээх—“Кэм-кэрдии тыйыс тыала», “Олоҥхо уонна олох» , “Атырдьах ыйа — кырдьыксытым».
“Ол эрэн орто дойду
Тутула тулхадыйбат,
Сиэрдээх буолуу
Син биир силигилиир,
Үтүө санаа, үтүө дьайыы
Ыпсыыта кытаатар…
Олоҥхо судургу сюжета,
Олоҥхо улуу кырдьыга
Өрөгөйдүүр үйэлэргэ!»
Мэлдьи буоларын курдук, хомоҕой хоһоон тылларынан тиһиллибит Наталья Харлампьева санааларын туймуулара, этэр эҥсилгэннэрэ дириҥ, сахалыы муударай, атырдьах ыйынааҕы хоһооннор сырдык, ардыгар курус лиирикэ чараас кынатынан аргыый таарыйаллар, Маҥан мааны хатыҥнарын алтан көмүс сэбирдэҕинии чэпчэкитик тэлээрэ көтөллөр, “саҥа суруллар кинигэҕэ сырдык санааны салайаллар».
“Бигэтик тут,
Төрдүҥ-ууһуҥ ситимин,
Дьоһун дьонуҥ хаалларбыт
Үйэлээх ытык үүннэрин!
Бүгүн, баҕар, биллибэт,
Илэ көстөн кэлбэт,
Олоххор, аналгар сиэтэр
Өбүгэҥ көмүс тэһиинин”.
Бу тыллары саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева бар дьонугар анаан этэр.
Күндү ааҕааччы, cаҥа кинигэни илиигэр ылан астына сэһэргэс, санааларгын сааһылан, өбүгэҥ көмүс тэһиинин тутардыы дьаһан.
Галина ВАСИЛЬЕВА
Сэтинньи 23 күнүгэр Суотту нэһилиэгэр Хоноҕордооҕу "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, өр сылларга…
Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта…
ЫБММ Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрбитинэн, Уус Маайа бөһүөлэгэр Горькай уулуссаҕа баар бэкээринэ умайда. Эмсэҕэлээбиттэр тустарынан…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ Дьокуускай куоракка Строителлэр уулуссаларыгар баар маҕаһыын таһыгар кырбаммыт эр дьон баалларын…
Оскуола үөрэнээччилэрэ сиэри таһынан ноҕуруускалаахтарын, үөрэх бырагыраамата өрүү уустугуран иһэрин туһунан Судаарыстыбаннай Дуумаҕа төрөппүттэр суруктара…
Байденнаах ыраах тэбэр аракыаталары "көҥүллээбиттэригэр" хардаран тыастааҕар түргэн тэргэммит тыаһаата. Политолог Чокуур Гаврильев анаарыытын манна…