«Мин сахабын, мин ырыам сахалыы сатарыыр»

Share

«Мин сахабын, мин ырыам сахалыы сатарыыр» — диэн саха норуодунай поэта Семён Данилов эппит тыллара дууһабытын сырдаталлар. «Тыл сүттэҕинэ —норуот сүтэр» — диэн мээнэҕэ эппэттэр. Хас биирдии төрөппүт, иитээччи, учуутал оҕо күн сирин көрүөҕүттэн төрөөбүт тыл сүмэтин, сүөгэйин иҥэрэн улаатыннарара буоллар, биһиги тылбыт сүппэт үйэлэниэ этэ. Тыл көмөтүнэн киһи аан дойдуну кытта алтыһар, олоххо миэстэтин булунар.

Бу күннэргэ Бүлүү улууһун Иннокентий Ханды аатынан Тылгыны орто оскуолатыгар  үтүө үгэскэ кубулуйбут төрөөбүт сахабыт тылыгар аналлаах «Билиикэп ааҕыыта — 2023» диэн күрэх буолла. Биир дойдулаахпыт,  тыл үөрэҕин дуоктара, бэрэпиэссэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимин үтүөлээх үлэһитэ, РФ Үөрэҕириитин туйгуна Гаврил Гаврильевич Филипповка аналлаах «Сахалыы мин тыллаах буоламмын » диэн 8-с өрөспүүбүлүкэтээҕи билим кэмпириэнсийэтэ 4 секциянан ыытылынна. Ол курдук, бастакы секцияҕа ааптарыскай сэминээр диэн буолла. Бу секцияҕа Тылгыны орто оскуолатын учууталлара, уһуйааччылара бэйэлэрин уопуттарын, мэтэдиичэскэй үлэлэрин, араас хабааннаахтык көрдөрдүлэр, тарҕаттылар.

Иккис секция. Оҕолор ойуулуур-дьүһүннүүр, толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыыга болҕомто уурулунна.  Сахалыы литэрэтиирэни ааҕан, ойуу-киинэни оҥорорго күрэхтэстилэр. Үөрэнээччилэр билиилэрэ-көрүүлэрэ киэҥэ дьүүллүүр сүбэни сөхтөрдө.

Үһүс секция. Хартыынанан кэпсээһин. Манна алын кылаас үөрэнээччилэрэ Сахабыт сирин биллиилээх худуоһунньуктарын хартыыналарын талан ылан, уустаан-ураннаан кэпсээтилэр. Мин бу секцияҕа дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтим. Үөрэнээччилэр олус кыһаллан бэлэмнэммиттэр. Бары сахалыы таҥастаахтар. Кылаас салайааччылара оҕолорун үрдүк таһымҥа бэлэмнээбиттэрэ харахха быраҕыллар. Сахабыт сиригэр талааннаах худуоһунньуктар хартыыналарын үөрэнээччилэрбит биири талан ылан, сиһилии ырытан уустаан-ураннаан сахалыы сайаҕастык этэн-тыынан, хомоҕойдук саҥаран дьүүллүүр сүбэни олус үөртүлэр. Үөрэнээччилэр ыйытыыларга хоруйдаатылар, хартыынаҕа бэйэлэрин санааларын сайа эттилэр, анааран көрдүлэр. Инникитин бу секция өссө ыытылла турарыгар баҕарабын. Оҕо тыла-өһө, толкуйдуур дьоҕура, саҥарар саҥата олус сайдар эбит. Сахалыы санаатын сайа этэр оҕо инникигэ эрэллээх, личность быһыытынан сайдарыгар олук буолар диэтэхпинэ, арааһа, сыыспатым буолуо.

Төрдүс секция. Хабылыкка күрэхтэстилэр. Хабылык сахаларга биир саамай киэҥник тарҕаммыт остуол оонньуутунан  буолар. Оҕо бу оонньууга сатабыла сайдар, өбүгэлэриттэн кэлбит үтүө үгэһин салгыыр.

Ыаллыы сытар Үгүлээт нэһилиэгиттэн 10-тан тахса үөрэнээччи, икки салайааччы-учуутал  кэлэн күрэҕи киэргэттилэр. Кинилэргэ махталбыт муҥура суох. Маны таһынан, хартыынанан кэпсээһиҥҥэ Амма уонна Кэбээйи улуустарыттан кырачаан үөрэнээччилэр видео устан ыыппыттара олус кэрэхсэбиллээх. Күрэх сыалын-соругун толору ситтэ, үрдүк таһымнаахтык ыытылынна диэн сыаналыыбын. Былыргы дьыл быдан мындаатыттан, урукку дьыл улаан уорҕатыттан, хуннартан, скифтэртэн, былыргы түүрдэртэн, үс курыканнартан силис-мутук тардан, утумнаан кэлбит төлө туппат төрүт баайбыт, төрөөбүт ийэ тылбыт — саха тыла буолар. Мин  чугас дьоммун, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбин, дьүөгэлэрбин, доҕотторбун кытта уу сахалыы кэпсэтэрбиттэн, төрөөбүт тылбынан саҥарарбыттан олус дьоллоохпун, киэн туттабын. Сахабыт тыла сайда-үүнэ, барҕара, чэчирии турдун!

Хаартыскаҕа Андреева Е.Х., Тутукарова Т.В., Герасимова К.П. түһэриилэрэ

Виталина Григорьева, Тылгыны олохтоох бибилэтиэкэрэ. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago