«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Ааптар:
11.12.2024, 20:08
Саргын Скрябин хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар «Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» үтүө дьыала өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһына 25 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин буолла.

Үбүлүөйдээх бэлиэ сылынан хамсааһын кыттыылаахтарын уонна бэтэрээннэрин СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков эҕэрдэлээтэ.

«Бу норуот сомоҕолоһуутунан, өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо уопсай дьыалаҕа бэйэтин кылаатын киллэрэр хамсааһынынан буолла. 25 сыл иһигэр үтүө дьыала идиэйэтэ Саха сирин бары муннуктарыгар уларыта тутуу модун механизмыгар кубулуйда. Хамсааһын сүрүн ситиһиитэ — дьон уопсай туску, дьол, быйаҥ, этэҥҥэ буолуу туһугар түмсэргэ бэлэм буолуулара. Хамсааһыны саҕалыырга көмөлөспүт, тирэх буолбут, сайыннарсыбыт уонна сайыннарарга билигин да көмөлөһөр дьоҥҥо барыларыгар махтанабын. Эһиги үлэҕит, күүскүт-уоххут, үтүөҕэ, кэрэҕэ дьулуургут биһиги өрөспүүбүлүкэбитин өссө кыраһыабай, күүстээх, модун оҥорор. Үбүлүөйдээх сылга айар-тутар күүскүт-уоххут эбиллэригэр уонна иннигит диэки дьулуурдаахтык хардыылыыргытыгар, үүнэр көлүөнэҕэ ону эрчимнээхтик тиэрдэргитигэр баҕарабын«, — диэн бэлиэтээтэ кини.

Бэйэтин эҕэрдэтин СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников тиэртэ.

«Мин Сахам сирэ 21 үйэҕэ» хамсааһын уопута үтүө дьыаланы оҥоруу — бу быстах кэмнээх дьулуһуу буолбатаҕын, бу дьон-сэргэ өрөспүүбүлүкэбит өссө тупсарыгар бигэ, булгуруйбат санаалааҕын көрдөрөр. Хамсааһын үбүлүөйдээх сылынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Үлэҕит, уҕараабат күүскүт-уоххут, уопсай дьыалаҕа бэриниигит иһин махтанабын. Бу көҕүлээһин инникитин даҕаны өрөспүүбүлүкэни бөҕөргөтөргө, чэчирии сайдарын туһугар биһигини түмэ, сомоҕолуу турдун«, — диэн эттэ.

Махтал тыллары СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнин соратнига Матвей Мучин, СӨ тутууга миниистирэ Виктор Романов, уо.д.а. эттилэр.

Хамсааһын бэтэрээннэригэр уонна кыттыылаахтарыгар судаарыстыбаннай уонна биэдэмистибэннэй наҕараадалары туттардылар.

«Мин Сахам сирэ 21 үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһын 1999 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан, оччолорго олохтоохтор көҕүлээһиннэринэн, СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев өйөбүлүнэн «2000 сылга — икки тыһыынча үтүө дьыала» хамсааһынтан уоттаахтык-күөстээхтик саҕаламмыта.

Хамсааһын сыалынан-соругунан сэлиэнньэлэргэ уонна куораттарга норуот көҕүлээһининэн уонна күүһү-уоҕу түмүүнэн социальнай суолталаах эбийиэктэри тутуу уонна саҥалыы уларытан оҥоруу буолбута. 2000 сыллаахха бу көҕүлээһин иитинэн 300-тэн тахса эбийиэк тутуллубута уонна саҥардыллыбыта.  Ол иһигэр успуорт былаһааккалара, оскуолалар, балыыһалар, түмэллэр, уу ситимнэрэ, муосталар киллэриллибиттэрэ.

Бырайыак олоххо дьоһун суолталааҕын, салҕанара наадалааҕын көрдөрбүтэ. 2001 с. хамсааһын «Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» диэн саҥа статустаммыта уонна девизтэммитэ. 2020 сылтан хамсааһын «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» судаарыстыба бырагырааматыгар киллэриллибитэ. Бырайыактар СӨ Бырабыыталыстыбатын, муниципалитеттар уонна олохтоохтор көхтөөх кыттыыларынан олоххо киллэриллэллэр.

2000 — 2004 сс. хамсааһын иитинэн 1 200-тэн тахса эбийиэк тутуллубута. Олор ортолоругар 129 уһуйаан, 42 оскуола, 15 оскуола-уһуйаан, 109 үөрэх эбийиэгэ, 189 успуорт эбийиэгэ, 279 култуура тэрилтэтэ, 81 доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ, 211 хапытаалынайа суох эбийиэк уонна 147 эдэр исписэлиистэргэ дьиэ киирэллэр.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3476383  манна көрүөххэ сөп.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Саргын Скрябин хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: