Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгин С.М. Егоров аатынан бибилэтиэкэ Арассыыйаҕа — Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр — Оҕо сылларыгар аналлаах «Мин төрүччүм» диэн бырайыагы үлэлэтэн саҕалаата.
Бырайыак ааптара — бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Нина Чачуа бэйэтэ толкуйдаан олоххо киллэрбит сонун сүүрээнин туһунан бу курдук билиһиннэрдэ:
— Биһиги нэһилиэкпитигэр элбэх оҕолоох, сиэннээх ытык кырдьаҕас үгүс. Сиэн оҕолор эбээлэригэр өрүү сылдьаллар, көмөлөһөллөр. Бу бырайыак икки хайысхалаах: бастатан туран, кыраайы үөрэтиигэ сыһыаннаах. Оҕолорго төрөөбүт нэһилиэктэрин устуоруйатын сырдатыы. Иккиһинэн, бэйэлэрин төрүччүлэрин билэ улааталлар. «Мин төрүччүм» бырайыак — сиэн эбээтин кытта кэпсэтиитэ. Сиэн оҕо интэриэһиргээбит ыйытыыларыгар эбээтэ бэйэтин олоҕуттан ахтыы оҥорор.
Бастакы кыттааччылар — 93 саастаах элбэх оҕолоох ытык ийэ, үгүс сиэн хос-хос эбээтэ Христина Каландарова. Тыыл бэтэрээнэ интернациональнай дьиэ кэргэн бас-көс киһитэ. Кини кэргэнэ Хаит Каландаров омугунан узбек этэ, ыалдьан күн сириттэн барбыта. Каландаровтар элбэх оҕолонон, сиэннэнэн, Төрүт нэһилиэгин биир тарбахха баттанар сис ыалын быһыытынан биллэллэр.
«Мин төрүччүм» диэн биэриигэ ытык эбээ Христина Кононовна кимтэн кииннээҕин, хантан төрүттээҕин хос сиэннэригэр кэпсээтэ. Кини ийэтэ Мотрена Муоматтан, аҕалара Конон Томпоттон төрүттээхтэр эбит. Ыал буолаат, Сириликээҥҥэ олохсуйбуттар. 15 оҕону төрөппүттэриттэн алтата эрэ хааллбыт. Ийэлээх аҕалара булчут буолан, оҕолорун булдунан улаатыннарбыттар. Улахан кыыстара Христина Кононовна аҕыс оҕону төрөтөн, хос-хос сиэннэнэн, бэйэтэ этэринэн, «соҕотох бэйэм 120-чэ киһи буоллубут» диир.
«Мин төрүччүм» биэрии иккис кыттааччылара — элбэх оҕолоох ийэ, эбээ, хос эбээ, үлэ бэтэрээнэ, «Ийэ Албан аата» 2-с истиэпэннээх уордьанын кавалера, «Ийэҕэ махтал» уонна «Гражданскай килбиэн» бэлиэлэр хаһаайкалара Тамара Босикова сиэннэрин кытта. Тымныы полюһа Өймөкөөн Төрүтүн төрүт олохтооҕо Тамара Моисеевна сиэннэригэр ийэтин уонна аҕатын туһунан кэпсээтэ, чугас аймахтарын хаартыскаларын көрдөрө олорон билиһиннэрдэ, кэпсээтэ.
Үһүс биэриигэ педагогическай үлэ бэтэээнэ Акулина Егорова кыттыыны ылыаҕа. Акулина Арьяновна сиэннэригэр эмиэ төрүччүлэрин билиһиннэриэҕэ. Ити курдук, нэһилиэкпит кырдьаҕастара сиэннэрин кытта көрсөн, «Мин төрүччүм» биэриигэ көхиөөхт кыттыыны ылыахтара.
Биллэн турар, бу сонун бырайыак нэһилиэк олохтоохторун биллэ сэргэхситтэ. Кырдьаҕастар хаартыскаларын альбомун ылан, эдэр саастарыгар төннөн ыллылар, оттон оҕолор аймахтарын туһунан бэрт элбэҕи биллилэр.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…