«Мин уонна мин аҕам сүбэһитим»

«Мин уонна мин аҕам сүбэһитим»

05.02.2023, 15:30
Харбалаах оскуолатын хаартыската
Бөлөххө киир:

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан, быйыл Педагог уонна уһуйааччы сыла биллэриллибитинэн, Таатта улууһугар киэҥ өрүттээх үлэ былааннаахтык ыытыллар.

Педагог уонна уһуйааччы статуһун үрдэтэр сыаллаах-соруктаах, үөрэх эйгэтин үлэһиттэригэр аналлаах «Мин уонна мин аҕам сүбэһитим» бастакы улуустааҕы күрэһи Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин комплекса үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытта.

Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар СӨ култууратын туйгуна, алгысчыт Варвара Алексеевна Парфенова аал уоту оттон, арыылаах алаадьынан айах тутан, алгыс сиэрин ситэрдэ.

Улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Иннокентий Дягилев Таатта улууһугар Педагог уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн бастакы күрэс ыытылларынан истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ. «Сыралаах үлэлээх учууталлар күрэстэрэ саҥаны арыйыахтара, үчүгэй бырайыактары көрүөхпүт», — диэн кыттааччыларга саҥа дабайыылары баҕарда.

Оскуола чиэһин көмүскүүр, баай үөрүйэҕи тарҕатар күрэскэ уопсайа 14 кэскиллээх педагог уһуйааччытыныын кытынна. Күрэс биир сүрүн уратытынан толору уруогу ыытыы, 13-14 саастаах оҕолорго анаммыт бырайыагы көмүскээһин, уһуйааччы «лайфхагын» билиһиннэрэн, үс түһүмэҕинэн ыытыллыбыта буолла. Улуустааҕы күрэххэ үгүс таһымнаах куонкуруһу сыаналаабыт экспертэр таһаарыылаахтык үлэлээтилэр.

Бастакы түһүмэххэ эдэр учуутал уонна уһуйааччы билиҥҥи үөрэх ирдэбилигэр толору эппиэттиир, ситимнээх үлэтин түмүгүн кэрэһэлиир, баай үөрүйэҕи туоһулуур чиҥ билиини иҥэрэр, аныгы технологияны сатабыллаахтык туһанар маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр. Саҥа үйэ оҕотугар аналлаах аныгылыы сиэрдээх уруоктарга оҕо сатабылын сайыннарар түһүмэхтэринэн сорудахтарга «кейс» технологиятын, аудио муусука таҥарга COLB төлөпүөн сыһыарыытын, уруок түмүгэр мультфильм, киинэ уһулан таһаарыы, хартыыналарынан сирдэтэн оҕо тулалыыр эйгэтинэн омук тылын үөрэтии о.д.а. табыгастаахтык технологиялары, интэриэһи тардар албастары, ньымалары көрдөрдүлэр.

Уруоктар оҕо сатабылын сайыннарарга туһуланан, олоххо миэстэни булунарга идэҕэ туһаайыылаах, зоолог, эрэдээктэр, оператор оруолларыгар киллэрэн ыытыллыбыттара сонун сүүрээнинэн буолла. Эдэр педагогтар, уһуйааччылар бииртэн биир ураты уруоктара, истиҥ сыһыаннара оҕо үлэлиир, билиини иҥэринэр эйгэтин үөскэттэ.

Иккис түһүмэххэ А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй дириэктэри үөрэтэх чааһыгар солбуйааччы, эксперт Оксана Слепцова педагогтарга билиҥҥи үөрэх ирдэбилэ үөрэнээччигэ дьайар өрүтүн сырдатар, үгүс толкуйга сирдиир видеоролик көмөтүнэн бырайыак үлэтин быһаарда. Эдэр учууталлар хамаанданан арахсан, 13-14 саастаах үөрэнээччилэргэ анаммыт инновационнай-образовательнай бырайыак киэбин оҥорон, туһаныллар ньыматын толкуйдаан билиһиннэрдилэр.

Үһүс түһүмэххэ уһуйааччылар «лайфхактарыгар» киэҥ сэҥээриини толкуйдуур, бодоруһар эйгэни үөскэтэр, ханнык баҕарар дьарыкка туттуллар кыахтаах «аптаах холбуйа», ырыанан, хартыынанан тылы байытар хамсаныылаах оонньуу, «коуч» ньымата, «Дабайыы» биирдиилээн оҕону кытары үлэ картата, өйү-мэйиини сайыннарар бэйэ оҥоһуга толкуйдатар оонньуу, «Задаача маҕаһыына», чек-лист-эдэр учуутал суоллааҕы картата, төгүл таблицатын үөрэтиигэ Кытай, Италия омук ньымаларынан үөрэтии, «Сымнаҕас дьарыкка» буукубалаах хааһаҕы туттуу, физкультура уруогар Qr-куоду киллэрии, копилка быһыытынан педагог уонна социальнай ситимтэн Pythontutor.ru, Acmp.ru, Stepik.ru сайтары араас таһыамнаах олимпиадаларга туһаныы о.д.а. технологиялар, араас ньымалар ыллылар.

Улуустааҕы күрэс муҥутуур кыайыылаахтарынан А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэйтэн педагог Айыллаана Алексеевна Жиркова, уһуйааччы Эмма Пантелеймоновна Апросимова,
«Бастыҥ учуутал-уһуйааччы» — Пахомова Софья Семеновна (Игидэй),
«Педагогика эрэлэ» — Романова Уйгулаана Романовна (Тыараһа) буоллулар.
Бастыҥ уруок түһүмэҕэр дипломунан наҕараадаланнылар: А.А. Жиркова, Э.П. Апросимова (Тааттатааҕы лиссиэй) — 1 истиэпэннээх, М.С. Элякова, Л.Э. Егорова (Туора Күөл ОО) — 2 истиэпэннээх, У.Р. Романова, С.К.Соловьева (Тыараһа ОО) — 3 истиэпэннээх.

Инновационнай бырайыак түһүмэҕэр диплом туттарылынна: У.Р. Романова, С.К.Соловьева (Тыараһа ОО) — 1 истиэпэннээх, М.С. Элякова, Л.Э. Егорова (Туора Күөл ОО) — 2 истиэпэннээх, А.Е. Никифоров, Максимов Д.Д. (Чөркөөх ОО) — 3 истиэпэннээх.

Уһуйааччы бастыҥ методическай лайфхагыгар диплому ыллылар: П.И. Афанасьева (Баайаҕа ОО) — 1 истиэпэннээх, Э.П. Апросимова (Тааттатааҕы лиссиэй) — 2 истиэпэннээх, Максимов Д.Д. (Чөркөөх ОО) — 3 истиэпэннээх дипломунан.

Анал ааттар иҥэрилиннилэр:
«Айар хамаанда» — С.К. Дьяконова, Л.П. Тарбахова (Дьохсоҕон ОО),
«Үөрэхтээһиҥҥэ инновационный көрүү иһин» — В.В. Васильев, А.С. Кочнева (Уус Таатта ОО),
«Методика бастыҥ уруога» — А.Н. Бойтунова, М.Д. Захарова (Ытык Күөл №2 ОО),
«Педагогическай дебют» — К.И. Старостина (ХОК),
«Методикаҕа бастыҥ көҕүлээһин» — А.П. Малышева, Д.Е. Иванова (Чычымах ОО),
«Профессиональнай дуэт» — З.И. Дедюкина, В.П. Огонерова (Ытык Күөл №1 ОО),
«Утум уонна кэскил» — А.А. Аржакова, С.М. Баишева (Уолба ОО),

«Креативнай хамаанда» — К.И. Старостина, Т.С. Севастьянова (ХОК),
«Урукка ИКТ бастыҥ туһаныы» — А.М. Лопатина, П.И. Афанасьева (Баайаҕа ОО),
«Бастыҥ идэлээх кейс» — В.Ф. Бурмистрова, С.С. Пахомова (Игидэй ОО),
«Үгэстэри харыстааччылар» — В.В. Дьяконова, М.В. Лукачевская (Чөркөөх ОО).

Ирина Романовна Бястинова салайааччылаах «Харбалаах кыымнара» пресс-киин сойо илик сонуну тута хаһыакка тиһэн, күрэс кыттыылаахтарыгар бэлэх уунна.

Үрдүк маастарыстыбаны арыйар тэрээһинтэн эдэр учууталлар үгүс үлэ үөрүйэҕин ылынан, саҥа саҕахтары арыйар санааны туруоруннулар. Маннык тэрээһин ситимнээхтик ыытыллан, эйгэтэ кэҥээн, үөрэх эйгэтигэр саҥалыы тыыны киллэрэргэ төһүү күүһүнэн, тустарыгар туһаналларыгар бигэ тирэҕинэн буолуоҕа.
Улуустааҕы күрэс тэрийээччилэрэ Харбалаахтааҕы «Төлөн» чох хостуур бырамыысыланнаһын тэрилтэтин өйөбүлүн иһин, кыттааччылар Харбалаах оскуолатын кэллэктиибигэр барҕа махталларын тиэрдэллэр.

Валентина КРИВОШАПКИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: