Минеральные Воды баар санаторийдарга сынньаныҥ
Мантан саас ыраах куораттарга баар доруобуйаны бөҕөргөтүнэр санаторийдарга барааччы элбиэҕэ. Онуоха «Якутия» авиахампаанньа сөмөлүөттэрэ Минеральные Воды быһа көтөр рейстэрэ абырыахтара.
Ол курдук, тустаах хампаанньа сөмөлүөттэрэ Москваттан Минеральные Воды көтөллөр. Салгыы Кисловодскайга диэри сыыдамнык айанныыр электричканан тиийиэххэ сөп. Ыам ыйын 12 күнүгэр диэри Дьокуускай — Москва — Минеральные воды хайысханан нэдиэлэ 2-с уонна 5-с күннэригэр ЯК479 рейс көтүөҕэ. Оттон ыам ыйын 12 күнүттэн Дьокуускайтан Москваҕа диэри көтүүгэ сөмөлүөт НижнеВартоскайга түһэн эбии сапыраапкаланан ааһыаҕа. Дьокуускайтан Минеральные Воды хайысханан көтүү тарыыба 20 тыһ. солк., оттон чэпчэтиинэн туһанар категорияҕа хапсар дьон 7600 солк. төлөөн көтүөхтэрэ. Оттон Москваттан Минеральные Воды куоракка диэри көтүү сыаната 2000 солк.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: