Миниистири бастакы солбуйааччы Өймөкөөҥҥө суол өрөмүөнүн көрдө-иһиттэ

Share

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар СӨ тыраанспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов  «Өймөкөөн» өрөспүүбүлүкэтээҕи суол өрөмүөнүн көрдө-иһиттэ.

Кинини кытта Росавтодор уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи Суол управлениетын бэрэстэбиитэллэрэ сырыттылар. Хамыыһыйа соруга — «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак олоххо киириитин үөрэтии.
Улуус баһылыга Иннокентий Сивцев бэлиэтииринэн, хамыыһыйа чилиэннэрэ суол өрөмүөнүгэр кыраапыктан хаалыы баарын бэлиэтээтилэр уонна ону ситиһэри сүбэлэстилэр.
Быйыл Өймөкөөн уонна Сордоҥноох нэһилиэктэригэр өрөмүөннэммит айан суолун көрөн баран, миниистири солбуйааччы үлэ хаачыстыбалаахтык оҥоһуллубутун  бэлиэтээтэ. Анатолий Потапов «Өймөкөөн» өрөспүүбүлүкэтээҕи айан суолун Үчүгэйдээҕи учаастагар өрөмүөн үлэтин тэтимирдэргэ сорудахтаата.
Хамыыһыйа олохтоохтору быйыл күһүнү быһа эрэйдээбит Агайакаан уонна Сунтаар үрэхтэри туоруур муосталары көрөн-истэн баран, бу эбийиэктэргэ быстах кэмҥэ суол оҥоһуллуоҕа диэн мэктиэлээтэ. Ол курдук, Сунтаар үрэҕи туорааһыҥҥа үлэ сэтинньи 20 күнүгэр, Агайакааҥҥа — ахсынньыга диэри ыытыллыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

9 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

10 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

10 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

11 часов ago