Хаартыска уонна видео -- Сунтаар улууһун пресс-сулууспата
Бу күннэргэ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта Сахайаана Павлова Бүлүү бөлөх улуустарыгар үлэтин чэрчитинэн сири ньүөлсүтүү, от үүнүүтэ, ыһыы үлэтэ хайдаҕын билсээри Сунтаар улууһун бааһыналарыгар сырытта.
Сунтаарга Килээбий, Чохулаах буолаларыгар «Кириэстээх» хаһаайыстыба подсолнух, эбиэс курдук иҥэмтиэлээх үүнээйилэри ыспыт. Оттон Кириэстээх, Куокуну өттүнээҕи үүнүү, барыта холбоон сыл аайы 3000 туонна кэриҥэ сиилэс бэлэмнэнэр. Тойбохойдор эмиэ урукку сопхуос саҕанааҕы буолалары сөргүтэн сыл ахсын өлгөм үүнүүнү ылаллар.
«Бородууксуйаларын анал тэрилгэ переработкалаан көтөрдөргө, сибиинньэҕэ, сүөһүгэ аналлаах аһы оҥорон таһаараллар. Иҥэмтэлээх эбии аһылык ынах сүөһү уопсай туругар уонна үүтүн хаачыстыбатыгар сабыдыаллыыра саарбахтаммат. Онон бу эйгэҕэ улахан болҕомто туһаайыллара эрэйиллэр», диэн улуус дьаһалтата бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйар.
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Өрөспүүбүлүкэ киин, соҕуруу, арҕаа улуустарыгар быстах ардахтаах, сорох сиринэн этиҥнээх.…
Бүгүн Өймөкөөн улууһугар өрүстэр уонна үрэхтэр хааларыттан тахсан, оройуоҥҥа үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ биллэриллибитэ. Күнүс…
Саха сиригэр дроннар -- пилота суох көтөр аппарааттар таһаҕаһы тиэрдэн саҕалаатылар диэн Ил Дархан Айсен…
Бэстээхтэн тахсааты кытта Таатталыыр суол диэки «Солнечный берег» диэн дьикти кэрэ, тыытыллыбатах айылҕалаах сөтүөлүүр сир…
Бэҕэһээ Балыксыт күнүн Чокуурдаах олохтоохторо сэргэхтик бэлиэтээтилэр. Төһө да ардаабытын, тыаллааҕын, таһырдьа +9 кыраадыс да…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар тохтоло суох дохсуннук ардаан, нэһилиэктэргэ өрүстэргэ уонна үрэхтэргэ уу таһыма үрдээн,…