“Минньигэс” дьиэ кэргэн лааҕырын оҕолор сөбүлээтилэр

Share

Нам улууһун Ленскэй нэһилиэгэр Виктория Пинигина  ийэтинээн Вероника Ефремовалыын  улуус баһылыга Юрий  Слепцов  граныгар  кыайан, “Минньигэс” дьиэ кэргэн лааҕырын үлэлэтэллэр. 

Баһылык грана  2020-2026  сылларга ыччакка уонна дьиэ кэргэҥҥэ туһуламмыт муниципальнай бырагырааманы олоххо киллэрии чэрчитинэн олохтоммута.

“Нам улууһа”  МТ пресс-сулууспата  иһитиннэрбитинэн,  дьиэ кэргэн лааҕыра 10 оҕону хабан, үлэтин от ыйын 16  күнүттэн  саҕалаабыта. Лааҕыр аһыллыытыгар  Амма кэрэ айылҕатыгар дуоһуйа сынньанан кэлбиттэрэ. Оҕолор 21 күн устата  үлэҕэ —  оҕуруот олордорго, харайарга, күннээҕи аһы (алаадьы, миин, бурдук ас) астааһыҥҥа уһуйуллаллар.

Виктория Сергеевна сарсыардааҥҥы сэрээккэттэн саҕалаан, олоххо куттал суоһаабатын туһугар сэрэхтээх буолууга, бастакы көмөнү оҥорууга лиэксийэлэри ааҕар, эрчийэр. Оттон Вероника Ефремовна туорду, минньигэс аһы астааһыҥҥа маастар-кылаастары ыытар.

Лааҕыр иитиллээччилэрэ, төрөппүттэр оҕо сынньалаҥын уратытык тэрийэр дьоҥҥо  истиҥ махталларын тиэрдэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэтинньи – Байанай ыйа

Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ.…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга хамнас муҥутуур алын кээмэйэ үрдүөҕэ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…

32 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 1–8 күннэрэ)

ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хоту улуустарынан -40°С кыраадыска диэри тымныйар

Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тускул сэтинньини анаарда

Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга халыҥ таҥаһы хомуйуу сэтинньи бүтүөр диэри салҕанар

Бу туһунан бүгүн  #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи салаатын салайар Айыллаан Винокуров эттэ.  "Ыстаап халыҥ таҥаһы-сабы, наадалаах малы-салы уонна…

12 часов ago