Салгыы
Мииринэй оройуонугар суолу туруур сиргэ икки оскуола оҕотун массыына түҥнэри көттө

Мииринэй оройуонугар суолу туруур сиргэ икки оскуола оҕотун массыына түҥнэри көттө

22.02.2024, 16:48
Хаартыска: ИДЬМ Госавтоинспекцияҕа управлениета.
Бөлөххө киир:

Олунньу 21 күнүгэр киэһэ 19 чаас 30 мүнүүтэҕэ Мииринэй оройуонун ИДьМ Айхаллааҕы салаатын дьуһуурунай чааһыгар, суол саахалыгар эмсэҕэлээбит 12 саастаах икки кыыс мэдиссиинэ тэрилтэтигэр көрдөрүннүлэр диэн иһитиннэрии киирбит.

Хаартыска: ИДЬМ Госавтоинспекцияҕа управлениета.

Быһылаан тахсыбыт миэстэтигэр ДПС нэрээтэ тиийэн барыллаан быһаарбытынан, Айхал бөһүөлэгэр 53 саастаах суоппар RenaultLogan массыынаны ыыта сылдьан, суолу туораан иһэр 12 саастаах оскуола оҕолорун түҥнэри көппүт. Ол түмүгэр кыргыттар эчэйбиттэр, балыыһаҕа көрөн баран биир кыыһы балыыһаҕа киллэрбиттэр, иккис кыыһы дьиэтигэр эмтэнэргэ сүбэлээбиттэр.

Бэрэбиэркэ түмүгэр Renault Logan массыына суоппара “В, С” категориялардаах дастабырыанньалааҕа, 27 сыл массыына ыытар ыстаастааҕа быһаарыллыбыт.

ГИБДД сибидиэнньэтинэн тустаах суоппар администартивнай эппиэтинэскэ тардыллыбатах, суол быһылаанын кэмигэр массыынаҕа соҕотох эбит, арыгы испэтэх, куттал суох буолуутун хааччыйар курун баанан олорбут. Уоту тэйитэр элэмиэн сатыы сылдьааччылартан биирдэстэригэр баар эбит. Суол быһылаана тахсыбытынан бэрэбиэркэ ыытыллар диэн СӨ ИДьМ Госавтоинспекция управлениета иһитиннэрэр.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
5
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: