Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ
Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр.
Мировой суукка электроннай докумуоннары биэрии бэрээдэгэр уларытыылар киирдилэр: мантан инньэ дойду олохтоохторо судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө туттарыахтарын сөп.
РФ Үрдүкү Суутун департаменын бу дьаһала тохсунньу 15 күнүттэн олоххо киириэ. Маннык дьаһаныы кэлиҥҥи уон сылга мировой судьуйалар үлэлэрэ түөрт төгүл улааппытынан, оптимизациялыыр быһыытынан оҥоһуллар. Сокуон бырайыага нормативнай аактар бырайыактарын порталыгар дьон дьүүллэһиитигэр таҕыста.
Бүгүҥҥү күҥҥэ бары кэриэтэ эрэгийиэннэргэ мировой суут учаастактара тэриллибиттэрэ, онно уопсайа 7745 киһи үлэлиир. Дойдуга 1998 сыллаахха ахсынньы 17 күнүттэн олоххо киирбит тэрилтэ (Федеральнай сокуон № 188-ФЗ) сыала-соруга дьон быраабын хааччыйыы, сууту нэһилиэнньэҕэ чугаһатыы, боростуой дьыалалар көрүүлэрин бэрээдэгин чэпчэтии буолар диэн юстиция министиэристибэтин саайта иһитиннэрэр.
Суут департаменын официальнай дааннайдарынан, 2012 сыллаахха мировой судьуйалар 6,7 мөлүйүөн, 2016 сыллаахха – 12,3 мөлүйүөн, оттон 2022 сылга – 27,3 мөлүйүөн дьыаланы көрбүттэр. Ол курдук, уон сыл устата мировой судьуйалар көрөр гражданскай дьыалаларын ахсаана түөрт төгүлтэн ордук элбээбит, оттон суут учаастактарын тэрийии киритиэрийэ уларыйбакка хаалбыт. 1998 сылтан үлэлиир нуорманан, нэһилиэнньэ ахсааныттан көрөн – биир учаастакка 15 тыһыынчаттан 23 тыһыынчаҕа диэри буолуохтаах.
Юстиция министиэристибэтэ эрэгийиэҥҥэ нэһилиэнньэ ахсаанын уонна суут уокуругун ахсаанын учуоттуур эбии критерийи киллэрэргэ этии киллэрэр. Сокуон барылыгар сурулларынан, эрэгийиэҥҥэ эбии суут учаастагын онно олорор нэһилиэнньэ ахсаанын учуоттаан эбии тэрийиэххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: