Мобилизация иккис долгуна саҕаланыа диэн сурах-садьык сымыйа
Дойдуга буола турар балаһыанньа үгүс киһини дьиксиннэрэр. Араас сурах-садьык элбэхтик тарҕанар.
Соторутааҕыта Саха сиригэр мобилизация иккис долгуна саҕаланыа диэн сымыйа сурах-садьык тарҕанна диэн өрөспүүбүлүкэ байыаннай хамыһаара Александр Авдонин бэҕэһээ, сэтинньи 24 күнүгэр, оҥорбут брифинигэр эттэ.
«Мобилизация иккис долгуна ыытыллар диэн сымыйа сурах-садьык буолар. Биһиги генеральнай ыстааптан мобилизация туһунан сорудаҕы ыла иликпит», – диэн тоһоҕолоон эттэ Александр Авдонин. Байыаннай комиссариаттар бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлкэҕэ сэтинньи 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри ыытыллар байыаннай сулууспаҕа гражданнары ыҥырыыга былааннаммыт үлэни ыыталларын эттэ.
«Итини таһынан, Ийэ дойдуну көмүскүүргэ гражданнары байыаннай сулууспаҕа көҥүл өттүнэн уонна хантараагынан барааччылары хомуйабыт», – диэн быһаарда Александр Авдонин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: