Мобильнай биригээдэлэр 35 тыһыынчаттан тахса киһини көрдүлэр

Share
Өрөспүүбүлүкэтээҕи киин мобильнай биригээдэлэрэ 18 улууска  35151 киһи доруобуйатын көрдүлэр. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Мобильнай  биригээдэлэр 78 сырыыны оҥорон  146 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа сырыттылар. Бу үлэҕэ оҕолору, улахан дьону көрөр итиэннэ стоматологическай, наркологическай биригээдэлэр кыттыстылар.
Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, 2024 сылтан Өрөспүүбүлүкэтээҕи киин мобильнай биригээдэлэрэ Арктика зонатыгар эрэ буолбакка, ыраах, кытыы сытар нэһилиэнньэлээх  пууннарга эмиэ тиийэр буоллулар.

«Өрөспүүбүлүкэтээҕи киин мобильнай биригээдэлэрэ иккис сылын өрөспүүбүлүкэ ыраах сытар нэһилиэктэригэр  анал мэдиссиинискэй көмөнү оҥороллор. Салгыы мобильнай биригээдэлэр   географияларын кэҥэтэр былааннаахпыт», —  диэн доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева иһитиннэрдэ.

2025 сылга  мобильнай дуоктардар  Алдан, Өймөкөөн, Кэбээйи, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар уонна Уус Алдан улуустарын ыраах сытар оройуоннарыгар сылдьар былааннаахтар.

Санатан эттэххэ, «Республиканский центр мобильных бригад» бырайыак  Айсен Николаев көҕүлээһининэн, 2023 сыл олунньу ыйыттан саҕаламмыта.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

9 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

11 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

12 часов ago