Салгыы
Мобильнай биригээдэлэр – кыстык туһугар

Мобильнай биригээдэлэр – кыстык туһугар

11.09.2024, 10:35
Бөлөххө киир:

СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, балаҕан ыйын 9 күнүнээҕи туругунан, мобильнай биригээдэлэр 23653 туонна оту кэбистилэр.

Ол курдук, Амма улууһугар 36 биригээдэ 5284 т, Үөһээ Бүлүү улууһугар 7 биригээдэ 2497 т., Бүлүү улууһугар 18 биригээдэ 2461 т , Горнай улууһугар 42 биригээдэ 1664 т оту кэбистилэр. Мэҥэ Хаҥалас – 2123 т, Уус Алдан – 2203 т, Хаҥалас – 1994 т оту чөкөттүлэр. Нам, Ньурба, Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Таатта, Томпо, Чурапчы улуустарын мобильнай биригээдэлэрэ эмиэ кыахтара тиийэринэн оттоотулар. Дьокуускай куораттан 4 биригээдэ 639 т оттонно. Онон мобильнай биригээдэлэр сүөһү, сылгы кыстыгы этэҥҥэ туорууругар көмөлөстүлэр.
Хаартыска: Ю.Петров тиксэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: