СӨ Ил Дархана Айсен Николаев улуустар баһылыктарын кытта оттооһун хампаанньатыгар анаммыт сүбэ мунньаҕар мобильнай биригээдэлэр көдьүүстээх үлэлэрин тэрийэр соругу туруорбута. Балаҕан ыйын 16 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 399092 туонна оту чөкөттүлэр. Итинтэн мобильнай биригээдэлэр 29025 туонна оту кэбистилэр.
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин Үүнэйини ылыыга департаменын салайааччыта Вячеслав Гаврильев мобильнай биригээдэлэр үлэлэригэр тиэхиньикэнэн хааччыллыы улахан оруоллааҕын бэлиэтээбитэ уонна кэлин сылларга министиэристибэ МТЗ‑82 тыраахтарынан тиһигин быспакка хааччыйыыта көмөлөстө диэбитэ.
Дьэ, ырытан көрдөххө, тиэхиньикэнэн хааччыллыыны таһынан маннык биригээдэлэргэ уопуттаах отчуттар уонна тэрийэр дьоҕурдаах дьон баара абыраллааҕа көстөр. Аймаҕынан кыттыһыы, биир идэлээх тырахтарыыстар түмсүүлэрэ — сөпкө тэрийдэххэ мобильнай биригээдэ табыллар.
Сопхуос саҕаттан атын сиргэ көһөн тиийэн оттуу үөрүйэхпит. Оччолорго Намынан, Кэбээйинэн оттуурбут.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн оту тиэйэ сылдьаллар. Ол курдук, Бэдьимэттэн мобильнай биригээдэ отчуттара быйыл сайыҥҥы сыраларын биири да энчирэппэккэ тиэйэллэр. I Баатара нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Римма Попова: “Быйыл сайын Валерий Филиппов салайааччылах мобильнай биригээдэбит бэркэ оттоото”, — диэн кэпсээбитэ. 1983 с. оскуоланы бүтэриэҕиттэн тыраахтар уруулун туппут Валерий Дмитриевич мобильнай биригээдэлэри салайбыта ыраатта. Бэйэтэ да уопуттаах тырахтарыыс буолан, бэйэтин тула дьон киэнэ саамай үлэһитин түмэ тардар. Быйыл сайын биригээдэлэригэр тиэхиньикэ арааһын үлэлэппиттэр, аатырбыт бөлөрүүстэн саҕалаан Т‑25 тыраахтарга тиийэ. Валерий Ноев, Михаил Неустроев, Дмитрий Филиппов буолан уонна күтүөттэр, бырааттар солбуһа сылдьан көмөлөһөн, сайыҥҥы быйаҥтан сомсубуттар.
— Төхтүртэн тиэйэрбитигэр дьиэбититтэн олох сарсыарда эрдэ барабыт. Кыһын тиэйэргэ эрэйдээх соҕус буолааччы, онон билигин таһабыт. 800‑кэ урулуону оҥорбуппут. Сороҕор арыандаҕа ылан оттообуппут, онон уларсык ылбыппыт иһин бырыһыаммытын эҥин төлөстүбүт. Сопхуос саҕаттан атын сиргэ көһөн тиийэн оттуу үөрүйэхпит. Оччолорго Намынан, Кэбээйинэн оттуурбут. Хааччыллыыбыт үчүгэй. Инникитин сир боппуруоһун үчүгэйдик быһаарыахтарын наада. Үчүгэй баҕайытык оттоон тигинэтэ сырыттахпытына кэлэн, манан биһиги сирбит, диэччилэр чааһынайдар, — диир Валерий Дмитриевич баар кыһалҕаны бэлиэтээн.
— Үлэлээбитиҥ ырааппыт эбит. Бука, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ буолуоҥ, — диибин.
— Бэтэрээн буоларым ыраах быһыылаах, — диир (күлэр) киэҥ-холку майгылаах биригэдьиир.
Кини бурдукка, күөллэргэ уу бырахтарыыга да үлэлиир, кыһынын оту тиэйиигэ, ыалларга муус-мас киллэрэн, халыҥ хаардаах кыһыҥҥа суолу ыраастаан, биир дойдулаахтарын кыһалҕаларын быһаарар. Ол да иһин, барытыгар уопуттаах буолан, 2013 сылтан мобильнай биригээдэ тэринэн кэллэҕэ. Өссө бу отчут туһунан бэлиэтээтэххэ, 2009 с. табаарыстарын Иван Баишевтыын, Василий Корякинныын “Крейсер” хаары анньан суолу тэлэр тэрил, стоговоз оҥорон, рационализаторскай үлэлэрин иһин лауреат буолбуттар.
Курааннаан, от олох үүммэтэх Горнай улууһун Аһыматыгар 5 мобильнай биригээдэ ыраах сирдэргэ оттообут. Нэһилиэк тыатын хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Станислав Андреев этэринэн, билигин да оттуу сылдьаллар. Кинилэр 255 т оту соҕотуопкалаабыттар, мантан 152 т улуус таһыттан. Ону тэҥэ сүөһүлэрин, сылгыларын сыл таһаарар туһуттан, 236 т Хаҥалас, Кэбээйи улуустарыттан атыылаһан тастара олороллор. Аһымалар быйыл оту тиэйиигэ көмө көрүллэрин күүскэ туруорсаллар.
1984 с. Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын салайар каадырдарын бэлэмниир үөрэх кыһатын бүтэриэҕиттэн, илиитин араарбакка бу салааҕа үлэлиир, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, бэтэрээнэ Федор Протопопов буолар. Бүлүү улууһун олохтооҕо, бэйэтэ этэринии, “үйэтин тухары оттооһуну тэрийиинэн” дьарыктаммыт. Биэнсийэҕэ тахсыаҕыттан аймахтарын кытта оттуур. Быраата Андрей Семенов Чинэкэттэн 100 км тэйиччи сытар сиргэ сылгы хаһаайыстыбалаах, онно оттууругар көмөлөһөр. Ону тэҥэ кэпэрэтиипкэ үлэлээбит тырахтарыыстарын кытта кыттыһан, бэйэлэрин күүстэринэн оттууллар. Тыа сиригэр мобильнай биригээдэ социальнай боппуруоһу быһаарар эбит диэтэххэ сыыстарбаккын. Ол курдук, нэһилиэнньэ сайаапкатынан оттууллар. Оттуур кыаҕа суох кырдьаҕастар, биэнсийэлээхтэр оттотоллор. Сайын оттообуттарын кыһын тиэйэн биэрэллэр. Онон икки аҥы хайдан, мобильнай тэринэллэр. Харчыларынан кыттыһан, уматык, саппаас чаас атыылаһаллар. Барытын бэйэлэрин күүстэринэн оҥостоллор.
— Быйыл 250‑ча туоннаны оттоотубут, итинтэн 180‑чата мобильнайга. Үчүгэйдик аахтахха, 300‑чэни оттоотубут быһыылаах. Ол да буоллар, быйыл от үүнүүтэ мөлтөх, хата, ыраах сирбит оттоох буолан абыраата. Суолбут-ииспит ыарахан. Ону баазалаах буоламмыт, кыһын эрдэ уматыкпытын таһаарабыт. Быһата, барытын эрдэттэн эрдэ дьаһаннахха эрэ кыайаҕын. Мобильнай биригээдэлэргэ бастайааннай үлэлиир дьоҥҥо харчыларын эрдэ быһаараллара буоллар, бэрт буолуо этэ. Билиҥҥитэ тугу да ыла иликпит. Дьэ, биэрдэхтэринэ, отчуот бөҕө буолуо. Үбү-харчыны эрдэ тутарбыт буоллар, уматык эҥин атыылаһарга көмөлөөх буолуо этэ. Туох-баар социальнай боппуруоһу ыалларга быһаардахпыт дии. Аймахтарбыныын сэттэ ыалы сыл тахсар отунан хааччыйарбытын таһынан, нэһилиэк атын ыалларын сайаапкаларын толоробут. Кытыы, хаалар сирдэри оттуубут. Сир оҥосто сатыыбыт. Сороҕор оттуу сылдьар сирбитигэр хаһаайын көстөн кэлэр. Кистэл буобатах, сир-уот дулҕаҕа былдьанна, — диир Федор Иннокентьевич.
Мэҥэ Хаҥалас кытыы нэһилиэгин — Чыамайыкы биэс хаһаайыстыбатын мобильнай биригээдэтэ эмиэ Төхтүргэ (сал. С. Уткин) оттообут отун бу күннэргэ таһар. Кыһын оту тиэйии ороскуотун аччатаары (сэлээркэтигэр барыстаах буоллун диэн) уонна суол-иис ама кэмигэр диэн тута тиэйэргэ быһаарыммыттар. 210 туоннаны бэлэмнээбиттэр. Кинилэргэ “КаМАЗ”-таах уолаттар Вячеслав Иванов, Данил Иванов, Гаврил Иванов оту тиэйиигэ көмөлөһөн абыраабыттар. Бу курдук, тыа дьоно бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэн, хороҕор муостаахтарын, сыспай сиэллээхтэрин сыл таһаарар туһугар турууластылар. Онно мобильнай биригээдэлэр тирэх буоллулар.
Хаартыскалары: С. Андреев (Горнай), Р. Попова (Мэҥэ Хаҥалас), Ф. Протопопов (Бүлүү), С.Уткин (Мэҥэ Хаҥалас) тиксэрдилэр.
Балаһаны бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…
РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…
Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…