Хаартыска: yakutia.mk.ru
Мобильнай биригээдэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииннэрин элбэх хайысхалаах быраастарын бөлөҕө бу сыл үс ыйын иһигэр өрөспүүбүлүкэ 12 улууһугар 22-тэ сырытта.
Ол иһигэр, кинилэр өҥөлөрүнэн Абый, Аллайыаха, Булуҥ, Дьааҥы, Үөһээ Халыма, Эдьигээн, Аллараа Халыма, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана уонна Эбээн Бытантай курдук Арктика улуустара туһаннылар.
Быраастар барыта 7653 киһини көрбүттэриттэн 2137-тэ – оҕо. Стоматология биригээдэлэрэ Аллараа Халыма, Эдьигээн уонна Орто Халыма улуустарын оҕолорун уонна улахан дьоннорун көрдүүлэр (1069 киһи, ол иһигэр 660 оҕо).
Наркология диспансерын бөлөҕө саа сэбин туһанарга уонна тиэхиньикэни ыытарга быраабы ыларга мэдиссиинэ туоһутун биэрэр өҥөлөрү Эдьигээн, Орто Халыма уонна Эбээн Бытантай улуустарыгар оҥордо.
Мобильнай биригээдэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииннэрин быраастара муус устарга Арктика улуустарыгар: Анаабырга, Булуҥҥа, Дьааҥыга, Эдьигээҥҥэ, Муомаҕа, Орто Халымаҕа, Усуйаанаҕа уонна Эбээн Бытантайга бараллара былааннанар.
Мобильнай биригээдэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииннэрин бу бырайыагын Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбитэ.
Бу күннэргэ ХИФУ археологияҕа, этнографияҕа түмэлигэр “Истээх Быраан – Тыгын аҕа ууһа көмүллүбүт сирэ (XV–XVIII…
Хаҥаласка ИДьМ отделыгар олохтоох киһи массыынатын солуонуттан 40 000 солк. сүппүтүн туһунан иһитиннэрбит. Холуобунай ирдэбил…
Өлүөнэ өрүһү туоратар сүрүн паромнар салгыы үлэлииллэр. Алтынньы 31 күнүнээҕи туругунан, «Дьокуускай-Аллараа Бэстээх» хайысханан буксирынан…
Горнай улууһун Атамай нэһилиэгэр оскуола үөрэнээччилэригэр аналлаах "Эдэр баһаарынай" диэн олус интэриэһинэй уонна туһалаах тэрээһин…
Аһыырбытыгар сыһыаннаах сиэр-туом туһунан билэҕин, истибитиҥ дуо? Тугу билиэхтээх, тутуһуохтаах эбиппитий? Айыы үөрэҕэ тугу этэрий,…
Алтынньы саҥатынааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай эпэрээссийэлэр кыттыылаахтарыгар уонна байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр 651 сир учаастага…