Мобильнай быраастар 12 улууска үлэлээтилэр
2024 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи мобильнай биригээдэлэр кииннэрэ былаан-кыраапык оҥорбута. Ол чэрчитинэн, Оҕо саас сылыгар мобильнай быраастар тохсунньу 27 күнүттэн кулун тутар 21 күнүгэр диэри номнуо 12 улууска сылдьан, үлэлээтилэр.
Тохсунньу-олунньу ыйдарга 10 мобильнай биригээдэ үлэлээбитэ, кулун тутарга эмиэ 10 биригээдэ үлэлиир. Кинилэр сыл саҕаланыаҕыттан ыраах хотугу улуустартан үлэлэрин саҕалаатылар.
Бу 12 улууска барыта 1911 оҕону уонна 4396 улахан киһини көрдүлэр-иһиттилэр. Ол иһигэр, Аллара Халыма улууһугар – 941 киһини, Дьааҥыга – 603, Усуйаанаҕа – 695, Абыйга – 670, Аллайыахаҕа – 425, Булуҥҥа – 676, Өлөөҥҥө – 656, Эбээн-Бытантайга – 463, Орто Халымаҕа – 269, Үөһээ Халымаҕа – 142.
Тохсунньу 31 күнүттэн олунньу 27 күнүгэр диэри уонна олунньу 12-24 күннэригэр стоматолог-быраастар Аллараа Халыма уонна Эдьигээн улуустарыгар үлэлээтилэр. Бу улуустар бары нэһилиэнньэлээх пууннарын 100% хапытлар. Аллараа Халыма улууһугар стоматологтар 325 киһини, Эдьигээҥҥэ 281 киһини эмтээтилэр.
Маны тэҥэ, кулун тутар 16 күнүттэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи мобильнай биригээдэлэр кииннэрин стоматолог-быраастарын бөлөҕө Орто Халыма улууһугар үлэлиир.
CӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: