Мобильнай быраастар 20 улууска сырыттылар

Share

Сыл саҕаланыытыттан Саха сирин Элбэх хайысхалаах өрөспүүбүлүкэтээҕи киин биригээдэлэрэ Өлөөн, Аллараа Халыма, Нерюнгри, Алдан, Эдьигээн, Орто Халыма, Аллайыаха, Ньурба, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Өймөкөөн, Абый, Муома, Анаабыр, Дьааҥы оройуоннарын олохтоохторун көрдүлэр.

«Оҕо быраастарын биригээдэлэрэ Анаабыр, Нерюнгри, Эбээн-Бытантай, Эдьигээн, Өймөкөөн оройуоннарыгар үлэлээтилэр. Стоматология биригээдэтэ — Эбээн-Бытантай, Аллайыаха уонна Уус Маайа оройуоннарыгар, психоневрологическай бөлөх биригээдэтэ — Орто Халыма, Абый уонна Усуйаана оройуоннарыгар сырыттылар»,- диэн Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр бэлиэтээтилэр.

Муус устар 1 күнүттэн Усуйаана оройуонугар 8 исписэлиистээх элбэх хайысхалаах улахан биригээдэ үлэлиир. Былаан быһыытынан быраастар биэс нэһилиэнньэлээх пууну  — Уус Куйга, Сайылык, Депутатскай, Тумат, Дьүкээгир олохтоохторун хабыахтара.

Томпо оройуонугар элбэх хайысхалаах улахан биригээдэ муус устар 14 күнүгэр 7 быраас састааптаах 554 киһини көрдө. Мобильнай быраастар оройуон 7 нэһилиэнньэлээх пууннарыгар тиийдилэр: Тополинай, Дьэбэрики Хайа, Кириэс Халдьаайы, Охотскай Перевоз, Кэскил, Теплый ключ, Мэҥэ-Алдан.

Муус устар 4 күнүттэн Булуҥ оройуонугар 11 исписэлиистээх элбэх хайысхалаах улахан биригээдэ үлэлиир. Мобильнай быраастар командировкалара муус устар 16 күнүгэр диэри салҕанар.

Муус устар 9 күнүттэн саҕалаан  10 быраас састааптаах элбэх хайысхалаах биригээдэ 183 оҕону көрдө. Мобильнай быраастар 6 нэһилиэнньэлээх пууну хабар былааннаахтар.

Аны билигин элбэх хайысхалаах биригээдэлэр Эбээн- Бытантай уонна Үөһээ Халыма оройуоннарыгар үлэлииллэр. Сотору кэминэн элбэх хайысхалаах биригээдэ Дьааҥы оройуонугар, психоневрологическай биригээдэ – Эбээн Бытантай оройуонугар, оттон стоматологическай биригээдэ -Эдьигээн оройуонугар тиийэр былааннаахтар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи мобильнай быраастар биригээдин үлэтэ «Продолжительная и активная жизнь» национальнай бырайыак чэрчитинэн салҕанар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Светлячок» оҕолоро Виктор Лебедевтэн бэлэх туттулар

Ахсынньы 29 күнүгэр Хаандыга бөһүөлэгэр Томпотооҕу  "Светлячок" социальнай реабилитационнай киин оҕолоругар Ил Түмэн дьокутаата Виктор…

17 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Бүлүү» суолга үс киһи эчэйиилээх массыына саахала буолла

Бүгүн сарсыарда "Бүлүү" федеральнай суол 764-с килэмиэтиригэр дьон эчэйиилээх массыына саахала буолла диэн СӨ Быыһыыр…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Чурапчы Арчылаана Ил Дархантан электрогитара бэлэх тутта

Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев Кириэмил дыбарыаһыгар  “Баҕа санаа харыйата” тэрээһиҥҥэ  кыттыыны ылбыта. Бу туһунан…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаҥаласка икки киһи гаастан үгээрдээн суорума суолланна

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа түөрт буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Амма улууһун Өнньүөс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Баан каартатын түөкүттэртэн хайдах харыстыыбыт?

Таксыы, ОДьКХ төлөбүрдэрин, маркетплейстэртэн табаар сакаастааһыны куттала суох хайдах төлүүбүт? Баан каартатын дааннайдарын түөкүттэр туһамматтарын…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Саҥа сылынан!” диэн этиллиэхтээх

Саҥа сылбыт бу тиийэн кэллэ. Сорохтор “Саҥа дьылбыт” диэхтэрэ. Ол эрээри, тохсунньу 1 күнүттэн саҕаланар…

4 часа ago