Мобильнай быраастар Арктика улуустарыгар 14,5 тыһыынча киһи доруобуйатын көрдүлэр

Мобильнай быраастар Арктика улуустарыгар 14,5 тыһыынча киһи доруобуйатын көрдүлэр

Ааптар:
21.04.2023, 14:30
Хаартыска: Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Олунньу саҥатыттан мобильнай быраастар биригээдэлэрэ Саха сирин 13 Арктика улууһугар сырыттылар. СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн мэдиссиинэ үлэһиттэрэ барыта 87 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа сылдьан 14 572 олохтоох доруобуйатын туругун көрдүлэр.

Быраастар мобильнай биригээдэлэрин үлэтэ Анаабыр, Үөһээ Халыма уонна Булуҥ улуустарыгар салҕанар.

«Быраастар үс ыйдаах көһө сылдьан үлэлэрин олохтоохтор сыаналыыллар. Оройуоннар дьаһалталарын, киин балыыһаларын уонна «Полярные авиалинии» авиахампаанньа көмөтүнэн мэдиссинэ үлэһиттэрэ ыраах сытар уустук сырыылаах дэриэбинэлэргэ тиийдилэр. Бырайыак саҕаланыытыттан барыта 14 572 киһи доруобуйатын көрдүлэр, ол иһигэр 4020 оҕону. Ыам ыйын ортотугар быраастар Усуйаана улууһун киинигэр Депутатскайга айанныахтара. Манна исписэлиистэр инбэлиттэр дьиэлэрин эмтэнээччилэрин уонна киин олохтоохторун доруобуйаларын көрүөхтэрэ«, — диэн уопсастыбаннай доруобуйа уонна мэдиссиинискэй профилактика өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин сүрүн бырааһа Алена Никитина бэлиэтээтэ.

Бырайыак Саха сирин баһылыгын Айсен Николаев көҕүлээһининэн ыытыллар. Мобильнай быраастар улуустарынан үлэлэрэ сыл аайы тэриллиэҕэ. Күһүҥҥүттэн мобильнай биригээдэ улуустарынан саҥа айаҥҥа туруоҕа.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: