Хаартыска: Өлүөхүмэ улууһун киин балыыһатын телеграмыттан.
Ааспыт нэдиэлэттэн Өлүөхүмэ улууһугар элбэх хайысхалаах мобильнай быраастар бөлөхтөрө үлэлиир. Үс бөлөҕүнэн барыта 32 нэһилиэнньэлээх пууну хабан, дьон-сэргэ доруобуйатын көрүөхтэрэ.
Өлүөхүмэ улууһун киин балыыһата иһитиннэрэринэн, бастакы бөлөх атырдьах ыйын 13 күнүттэн үлэтин саҕалаабыт. Күн бүгүн быраастар Чапаево бөлөх нэһилиэктэринэн сылдьаллар.
Атырдьах ыйын 15 күнүгэр тиийбит иккис бөлөх улуус киинин эргин сытар сэлиэнньэлэр олохтоохторун көрөллөр. Үһүс бөлөх атырдьах ыйын 17 күнүгэр көтөн тиийбит. Үлэлэрин өрөбүлгэ Заречнай бөһүөлэгиттэн саҕалаабыттар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, бүгүҥҥү күн туругунан быраастар номнуо 534 киһини көрбүттэр, итинтэн 126 оҕо. Быраастар балаҕан ыйын 6 күнүгэр диэри үлэлииллэрэ былааннанар.
Биригээдэҕэ харах бырааһа, эндокринолог, травматолог-ортопед, онколог, уо.д.а. исписэлиистэргэ тиийэ бааллар. Онон киинтэн ыраах сытар нэһилиэк олохтоохторо олорор сирдэриттэн ханна да ырааппакка үрдүк таһымнаах быраастарга көрдөрүнэр кыахтара үөскээн, быраастар көрөр нэһилиэктэрин ахсын сарсыардаттан дьон күө-дьаа буолан уочараттарын быһаарсаллар.
Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар «Көмүскэл» доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэр түмсүүлэрэ оҕолоругар анаан кэнсиэр оҥордулар.…
Биир кэлим эксээмэҥҥэ быйыл бастакынан 100 баалы ылбыт оҕолор ааттара билиннэ. Кинилэр кимнээҕий? Химия биридимиэтигэр…
Өрүскэ айан саҕаламмытынан сибээстээн, кыра кээмэйдээх суудуналары өрүстэргэ, күөллэргэ ыытыы кэмигэр инникитин дьон-сэргэ тус олоҕор…
Госөҥөлөргө наадалаах ИТ- үөрүйэхтэргэ босхо тестированиены барар уонна РФ Цифровой сайдыыга министиэристибэтин официальнай сэртипикээтин ылар…
Таастаах диэн сиргэ "Амикан" этнография комплексын көрүү кэнниттэн, Нерюнгри оройуонун дьаһалтатын Олоҥхо ыһыаҕар эппиэттээх исписэлиистэрэ,…
Нерюнгри оройуонун биэнсийэлээҕэ түөкүттэр “домофон уларытыыта” исхиэмэлэригэр киирэн биэрэн. Туох баар дьиэ кэргэнин уурумньутун барытын…