“Мобильнай быраастар” күннүктэрэ
Мобильнай быраастар 38 тыһыынча килэмиэтири салгынынан, 14 тыһыынча килэмиэтири суолунан айаннаан, өрөспүүбүлүкэҕэ хоту сытар, саамай түгэх нэһилиэктэригэр тиийэ сырыттылар. Бу Саха сирин доруобуйатын харыстабылын устуоруйатыгар хаһан да буолбатах түгэнинэнэн буолар.
Ыраах, кыһалҕалаах айан суол-иис боппуруоһун ситэриилээх былаас уорганнара улуус дьаһалтатын кытары сөбүлэһэн быһаардылар. Сорох сирдэргэ быраастары “Буранынан”, табаларынан, вездеходунан илтилэр. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи мобильнай биригээдэ киинин быраастара 15 тыһыынча олохтооххо туһааннаах мэдиссиинискэй көмөнү оҥордулар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай доруобуйа уонна мэдиссиинэ профилактикатын киинин кылаабынай бырааһа Алена Никитина этэринэн, улуус олохтоохторо маннык бырайыак баарыгар Ил Дархан Айсен Николаевка уонна быраастарга махтаналлар.
“Мобильнай биригээдэлэр үс ый иһигэр суол баарына хотугу улуустары барытын кэрийдилэр, олохтоохтору көрүү былаанын толордулар. Диагностика, консультация түмүгүнэн ис уорган, сүрэх-тымыр уонна эндокриннай систиэмэ ыарыыларын буллулар. Ыарыыны эрдэттэн быһаарыы сөптөөх эмтээһини, диспансернай кэтээн көрүүнү кэмигэр аныырга туһалаах”, — диэн Алена Никитина иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: