«Мобильнай быыбардааччы» атын сиртэн куоластыыр кыаҕы биэрэр
06.03.2024, 13:10
Хаартыска: СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата
Бөлөххө киир:
Бу күнтэн кулун тутар 11 күнүгэр диэри куоластыырга табыгастаах быыбардыыр учаастагы таларга территориалардааҕы хамыыһыйаҕа, элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ, «Госуслуги» нөҥүө эбэтэр маннык сайабылыанньаны учаастактааҕы хамыыһыйаҕа биэриэххэ сөп.
Бу туһунан СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрэр.
«Мобильнай быыбардааччы» мэхэньииһим Арассыыйа гражданнара олорор сирдэринэн араас биричиинэнэн кулун тутар 15, 16 уонна 17 күннэригэр кыайан куоластаабат буоллахтарына, ханнык баҕарар кинилэргэ табыгастаах быыбардыыр учаастакка тиийэн куоластыыр кыаҕы биэрэр.
Бу сыл кулун тутар 15-17 күннэригэр ыытыллар РФ Бэрэсидьиэнин быыбарыгар куоластааһыҥҥа «Мобильнай быыбардааччы» мэхэньииһим нөҥүө кыттыыга сайабылыанньаны тутуу салҕанар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: