«Мобильнай быыбардааччы» диэн кимий?
Бэрэсидьиэн быыбарыгар «Мобильный избиратель» диэн ньыма баар буолуоҕа. Бу маны туһанан, быыбардааччы ханна бырапыыскалааҕыттан тутулуга суох, ханнык баҕарар сиргэ тиийэн, куоластыыр кыахтанар.
Бу кыаҕы туһанарга тохсунньу 29 күнүттэн кулун тутар 11 күнүгэр диэри сайабылыанньа суруйуохха наада. Сайабылыанньаны территориальнай быыбардыыр хамыыһыйаҕа, эбэтэр, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ (МФЦ) тиийэн, эбэтэр, «Госуслуги» портал нөҥүө биэриэххэ сөп.
Быыбар кулун тутар 15,16,17 күннэригэр буолар. Бу кэмҥэ олорор сиргитигэр сыһыарыллыбыт быыбардыыр учаастакка кыайан тиийэр кыаххыт суох буоллаҕына, сайабылыанньаны эрдэ биэриэххитин уонна ханнык баҕарар табыгастаах быыбардыыр учаастакка тиийэн, куоластыаххытын сөп.
Билигин сайабылыанньалар киирэ тураллар. Онон эрдэттэн дьаһанан, дойдуга улахан суолталаах быыбарга куоластыыр быраапкытын туһаныҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: