«Мобильнай дуоктардар» Арктикаҕа үлэлииллэр

Share

«Мобильнай дуоктардар» Арктика оройуоннарын олохтоохторугар мэдиссиинэ көмөтүн оҥороллорун салгыыллар. Билиҥҥитэ 4 улууска 1500-тан тахса киһини көрдүлэр диэн доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр. 

Булуҥ улууһугар 13 исписэлиистээх, элбэх хайысхалаах биригээдэ 320 киһини, ол иһигэр 30 оҕону көрдө-иһиттэ. Миэдиктэр балаҕан ыйын 20 күнүгэр диэри үлэлииллэр.

Дьааҥыга 14 исписэлиистээх оҕо биригээдэтэ 732 оҕону көрдө-иһиттэ. Эмиэ балаҕан ыйын 20 күнүгэр диэри үлэлииллэр.

Муомаҕа 13 исписэлиис 428 киһини, ол иһигэр 25 оҕону көрдө. Бу күннэргэ 6 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа уонна 11 көһө сылдьар табаһыттар олорор сирдэригэр тиийэн, үлэлиэхтэрэ. Биригээдэ балаҕан ыйын 23 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.

Аллайыахаҕа 13 исписэлиистээх оҕо биригээдэтэ 48 оҕону көрдө-иһиттэ. Балаҕан ыйын 25 күнүгэр диэри өссө биэс нэһилиэккэ сылдьар былааннаахтар.

Ил Дархан сорудаҕынан, мобильнай биригээдэлэр 2023 сыл олунньутуттан Арктикаҕа үлэлээн саҕалаабыттара. Бу кэмтэн ыла мобильнай биригээдэлэр Арктика 13 оройуонугар, 89 нэһилиэнньэлээх пуунугар үлэлээтилэр. Маннык үлэ көдьүүстээҕэ, дьоҥҥо туһалааҕа көһүннэ.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күөсчүт – дириҥ силистээх идэ

Киһи аймах туой иһити неолит кэмиттэн, саҥа таас үйэттэн оҥостор, туттар буолбут. Саха омук даҕаны…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кураанахха ипотека харчытын төлүүллэр: Күлүү гыммыт курдук, 334 солк. төнүннэрдэ…

2021  сыллаахха  түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Интервью
  • Сонуннар

Буойун-суруналыыс “Zиппо”

Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсөргө бэлэмнэнэбит

Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ саҥа сылы кытта хайаан даҕаны үтүө, кэрэ кэлиэҕэ, эһиил быйылгытааҕар өссө ордук…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сиэр-майгы: Мин билэр буоллум да…

Кистэл буолбатах, үгүстэргэ “мин билэр буоллум да, киһи барыта билиэхтээх” диэн өйдөбүл иҥэн хаалбыт. Билбэтин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох сиринэн -21-26°С кыраадыс тымныы буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Халымаҕа, Аллайыахаҕа хаар сөбүгэр түһүөҕэ.…

7 часов ago