Оҕолор «мобильнай дуоктардара»

Share

«Мобильнай дуоктардар» хоту 300-тэн тахса оҕо доруобуйатын көрдүлэр.

«Мобильнай дуоктардар» — педиатрдар биригээдэлэрэ Абый оройуонугар үлэтин салгыыр. Биригээдэҕэ педиатры сэргэ, уролог, ортопед, хирург, эндокринолог, невролог, кардиолог, гинеколог, УЗИ бырааһа бааллар.

«Үлэ алтынньы тоҕуһуттан саҕаламмыта. Бу кэм устатыгар уустук суоллаах-истээх нэһилиэктэринэн сылдьан 300-тэн тахса оҕо доруобуйатын көрдүлэр. Быраастарга Кэбэргэнэ, Сыаганнаах, Абый, Уолбут, о.д.а. олохтоохторо оҕолорун көрдөрдүлэр, ыйытыылары биэрдилэр, сүбэ-ама ыллылар. Белай Гора бөһүөлэгэр алтынньы 23 күнүгэр диэри үлэлииллэр«, — диэн кэпсиир Уопсастыбаннай доруобуйа уонна мэдиссиинэ профилактикатын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин  кылаабынай бырааһа Алена Никитина.

Маныаха төрөппүттэр мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу олус наадалаах бырайыак буоларын бэлиэтииллэр, Ил Дархан Айсен Николаевка, быраастарга махтаналлар.

«Дьокуускайтан быраастар мобильнай биригээдэлэрэ маннык ыраах нэһилиэккэ кэлэн оҕолорбут доруобуйаларын көрдүлэр. Сэлиэнньэбит төрөппүттэрин ааттарыттан махтанабын«, — диэн элбэх оҕо ийэтэ, байыас кэргэнэ Екатерина Соломонова санаатын үллэстэр.

Оҕо быраастара элбэх сүбэни-аманы биэрбиттэрин Светлана Аммосова бэлиэтиир. «Биһиги нэһилиэкпититтэн тахсыбакка да эрэ быраастартан туһалаах сүбэлэри ыллыбыт. Бу курдук сотору-сотору кэлэллэрэ буоллар«, — диир кини.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан арктическай улуустарга оҕолор доруобуйаларын бэрэбиэркэлииргэ анал мобильнай биригээдэлэр үлэлииллэр. Маннык этии Ил Дархаҥҥа быйыл балаҕан ыйыгар тэлэбиидэнньэнэн тахсыбытыгар киирбитэ. «Мобильнай дуоктардар» бырайыак олоххо киириэҕиттэн, уопсайа 21 тыһыынчаттан тахса киһи доруобуйатын көрбүттэр, итинтэн 7 тыһыынчата оҕолор. Барыта 89 Арктика сэлиэнньэтэ хабыллыбыт.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

7 минут ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

19 минут ago
  • Сонуннар

Историческай паарка алмаастаах быыстапканы билиһиннэрдэ

«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…

23 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубут эһээ уонна хос-хос сиэн сырдык кэриэстэригэр

Балбахов Виссарион Дмитриевич,  үйэ чиэппэрэ кэм  устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…

27 минут ago
  • Бэрээдэк

Дьокуускайга эр киһи комиссионнай маҕаһыынтан перфоратор уорбут

Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

1 час ago