«Мобильнай дуоктардарга» сүүстэн тахса киһи сырытта
Быраастар биригээдэлэрэ Эбээн Бытантай улууһугар алтынньы 30 — сэтинньи 2 күннэригэр үлэлээтилэр.
Бу Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн быйыл олунньуттан саҕаламмыт хоту дойду олохтоохторугар олус наадалаах, туһалаах бырайыак буоларын бэлиэтээн туран, оройуон олохтоохторо ис сүрэхтэриттэн махтаналлар.
«Наһаа туһалаах бырайыак иһин махтанабыт. Биһиги оройуоммутугар Дьокуускайтан быраастар быйыл үһүс кэлиилэрэ. Мин хас кэллэхтэрин ахсын тиийэбин. Кардиолокка уонна эндокринолокка сырыттым, аны УЗИ түһүөм. Аны барытын сиһилии быһаараллар, ыйытыыларбытыгар хоруйдууллар. Өрөспүүбүлүкэ киинигэр доруобуйабытын көрдөрө син биир бары кыайан барарбыт биллибэт. Оттон манна быраастар бэйэлэрэ кэлэн көрөллөр«, — диэн Эбээн Бытантай олохтооҕо Тамара Слепцова этэр.
Доруобуйа харыстабылын бэтэрээнэ, биэлсэр Елизавета Старостина бу бырайыак хоту улуустар уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннарыгар олус наадалааҕын бэлиэтиир. Маныаха быраастар миэстэтигэр чинчийэллэрин, сүбэ-ама биэрэллэрин, эми-тому аныылларын, салгыы Дьокуускайтан телемэдиссиинэ көмөтүнэн сибээһи туталларын этэр.
Улуус олохтоохторо: «Арктика оройуоннарыгар олохтоох дьоҥҥо, биһиэхэ, бу олус туһалаах бырайыак. Нэһилиэкпититтэн да тахсыбакка олорон эмтэнэр кыахтанабыт», «Барытын биир сиргэ — балыыһаҕа, элбэх бырааска көрдөрөр олус табыгастаах. Мин күн аҥаарыгар кардиолокка, терапевка сырыттым, УЗИ-га түстүм, анаалыстарбын да туттардым. Аныгыскы сырыыга пульмонолог, травматолог кэлэрин күүтэбит», «Киһи барыта Дьокуускайга барара кыаллыбат: кэлэ-бара айаныҥ төлөбүрэ, аны быраастарга көрдөрөөрү киин сиргэ олоруоххун наада. Оттон бу наһаа туһалаах уонна наадалаах бырайыак баар буолбута олус үчүгэй. Дойдубутуттан ханна да ыраата барбакка эмтэнэр-томтонор кыахтаммыппытыгар махтанабыт. Мин атырдьах ыйыгар быраастар кэлбиттэригэр сылдьыбытым, билигин эмиэ кэлэн көрдөрдүм» диэн махтаналлар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай доруобуйа уонна мэдиссиинискэй профилактика киинин сүрүн бырааһа Алена Никитина иһитиннэрбитинэн, бу сырыыга терапевт, кардиолог, эндокринолог, отоларинголог, УЗИ бырааһа, уо.д.а. үлэлээбиттэр. «Түөрт күн устатыгар 102 киһини, ол иһигэр 13 оҕону көрдүлэр. Сүрүннээн бу иннинэ сылдьан диспансернай учуокка ылбыт дьоннорун көрдүлэр, бэрэбиэркэлээтилэр», — диир кини.
Маны таһынан, «мобильнай дуоктардар» аан бастаан кэлбит дьону эмиэ көрбүттэр, кинилэртэн 33 киһини салгыы Дьокуускайна көрдөрө баралларыгар, ол иһигэр икки киһини — онкодиспансерга, 21 киһини -кардиодиспансерга көрдөрө баралларыгар сүбэлээбиттэр.
Тоҕус ый устатыгар мобильнай биригээдэлэр Арктика 13 оройуонугар сылдьыбыттар. Быраастар уопсайа 31 тыһыынчаттан тахса киһи, ол иһигэр тоҕус тыһыынчаттан тахса оҕо доруобуйатын көрбүттэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: