Салгыы
Мобильнай эмчиттэр Арктика улуустарын 1,5 тыһыынчаттан тахса олохтооҕун доруобуйатын көрдүлэр

Мобильнай эмчиттэр Арктика улуустарын 1,5 тыһыынчаттан тахса олохтооҕун доруобуйатын көрдүлэр

16.09.2024, 17:21
Хаартыска: СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ.
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйа саҕаланыаҕыттан мобильнай быраастар арктическай улуустарга олорор 1,5 тыһыынча киһини көрдүлэр-иһиттилэр. Исписэлиистэр Булуҥ, Дьааҥы, Муома уонна Аллайыаха улуустарыгар үлэлии сылдьаллар диэн иһитиннэрэр СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ.

Булуҥ улууһугар 13 исписэлиистээх биригээдэ балаҕан ыйын 7 күнүттэн 320 киһини, ол иһигэр 30 оҕону көрдө.

Дьааҥы улууһугар 14 киһилээх биригээдэ балаҕан ыйын 6 күнүттэн 12 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 723-тэн тахса оҕону көрдө, биригээдэ балаҕан ыйын 20 күнүгэр диэри үлэлиэ.

Муома улууһугар 13 эмчиттээх биригээдэ балаҕан ыйын 6 күнүттэн балаҕан ыйын 23 күнүгэр диэри 6 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа, 11 көс олохтоох дьон сирдэринэн 428 киһини көрө-истэ сылдьаллар.

Аллайыахаҕа 13 исписэлиистээх оҕону көрөр биригээдэ балаҕан ыйын 13-25 күннэригэр 5 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 48 оҕо доруобуйатын чинчийэллэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 сентября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 93% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: