Салгыы
Мобильнай хирурдар Эдьигээн улууһугар үлэлииллэр

Мобильнай хирурдар Эдьигээн улууһугар үлэлииллэр

15.11.2024, 19:00
Хаартыска: РБ 2 пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинин үлэһиттэрин биригээдэтэ 2024  сыл саҕаланыаҕыттан  өрөспүүбүлүкэ 13 улууһугар (Нерюнгри, Алдан, Ленскэй, Дьааҥы, Ньурба, Мииринэй, Горнай, Сунтаар, Чурапчы, Нам, Амма, Үөһээ Бүлүү) 19-та сырытта. Сорох улуустарга быраастары иккистээн ыҥыраллар.

Мобильнай  биригээдэ билигин Эдьигээн улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатыгар үлэлиир. Быраастар манна сэтинньи 11-22 күннэригэр нэһилиэнньэ доруобуйатын бэрэбиэркэлиэхтэрэ.

«Үлэ бастакы күнүттэн  быраастар: хирург – 25, тымыр хирура – 18, нейрохирург 2 киһини көрдүлэр”, — диэн хирургия мобильнай киинин салайааччы Максим Макиевскай иһитиннэрдэ.

Быраастар эпэрээссийэлэри оҥороллорун сэргэ,  биир ыарыһаҕы Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа сиһилии чинчийиигэ ыытарга былаанныыллар.

Санатан эттэххэ, Хирургия мобильнай киинин быраастара сыл саҕаланыаҕыттан суһаллык эмтэниигэ наадыйааччыларга көмөлөһөр туһугар 1 800-тахса киһини көрдүлэр,  589 эндоскопия уонна  ультразвуковой  чинчийиини ыыттылар, 560-тан тахса суһал орооһуу оҥоһулунна.

Мобильнай биригээдэ Оройуоннааҕы киин балыыһалар усулуобуйаларыгар анал, ол иһигэр мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах көмөтүн,  оҥорор. Быраастар иэччэх сүһүөҕэр эндопротезированиены, мурун токуруйбутун  көннөрүүгэ, лапароскопическай холецистэктомияларга, тымырдарга, суон оһоҕоско уо.д.а. эпэрээссийэлэри ситиһиилээхтик оҥороллор.

Хирургия мобильнай киинин үлэтин кэмигэр травматолог-ортопедтар 66, оториноларинголог-быраастар 88-тан тахса, хирурдар 82 ыарыһаҕы эпэрээссийэлээтилэр. Эпэрээссийэлэммит дьон бары олорор сирдэринэн салгыы кэтээн көрүүгэ сылдьан эмтэнэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: