Мобильнай хирурдар Өлүөхүмэҕэ үлэлииллэр

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа хирургияҕа мобильнай отделениета кулун тутар 21 күнүттэн Өлүөхүмэ улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын баазатыгар үлэтин саҕалаата.
Быраастар манна муус устар 2 күнүгэр диэри үлэлиэхтэрэ. Оробуочай биригээдэ састаабыгар травматолог-быраас Степан Тордуин, колопроктолог-быраас Николай Сидоров, хирург-бырас Артем Староватов, анестезиолог-реаниматолог Евгений Филиппов бааллар. Ону сэргэ эпэрээссийэ сиэстэрэлэрэ, анестезистка-сиэстэрэ уонна анестезист-медбрат үлэлииллэр.
“Биһиги Өлүөхүмэ улууһугар аан бастаан кэллибит. Биир идэлээхтэрбит суһал көмөҕө наадыйар эмтэнээччилэрин эрдэттэн бэлэмнээбиттэрэ. Бүгүҥҥү туругунан, 20 эпэрээссийэни: иэччэх сүһүөҕүн уларытыыга, варикозтаах тымырга, үөс тааһыгар колопроктология эпэрээссйэлэрин оҥордубут. Ыарыһахтар эпэрээссийэ кэнниттэн иккис сууккаларыгар атахтарыгар тураллар, сорохтор 5-с күннэригэр балыыһаттан үтүөрэн тахсаллар. Сайын Өлүөхүмэҕэ иккистээн кэлэргэ былааннанабыт”, — диэн хирургия мобильнай отделениетын салайааччы, нейрохирург-быраас Максим Макиевскай иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, “Хирургия мобильнай киинэ” бырайыак Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн 2024 сылтан саҕаламмыта. Бу бырайыак көмөтүнэн олорор сиргиттэн барбакка эрэ, мэдиссиинэ анал көмөтүн (ол иһигэр үрдүк технологиялаах) ылаллар.


Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: