Мобильнай хирурдар икки улууска сүүстэн тахса эпэрээссийэни оҥордулар

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинин хирурдара Алдан оройуоннааҕы киин балыыһатын баазатыгар икки нэдиэлэ устата үлэлээтилэр.
Манна эпэрээссийэлэри тэҥэ, проктолог-быраас, тымыр хирура, абдоминальнай хирург, оториноларинголог, травматолог, эпэрээссийэ сиэстэрэлэрэ уонна анестезист-сиэстэрэлэр үлэлээтилэр. Хирурдар 7 суһал эпэрээссийэни оҥордулар.
Санатан эттэххэ, мобильнай хирурдар былырыын Саха сирин 16 улууһугар 22-тэ сырыттылар. Кинилэр 600-тэн тахса, ол иһигэр үрдүк технологиялаах, эпэрээссийэни оҥордулар.
Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбит “Хирургия мобильнай киинэ” бырайыага Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа хирурдара өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар анал былааннаммыт эпэрээссийэлэри оҥороллоругар ананар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: