Мобильнай хирурдар Ленскэй улууһугар көттүлэр
Эмчиттэр биригээдэлэрэ олунньу 26 күнүттэн кулун тутар 6 күнүгэр диэри Ленскэй оройуонун олохтоохторун көрүөхтэрэ уонна эпэрээссийэ оҥоруохтара.
Мобильнай биригээдэ састаабыгар 2-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа-Суһал мэдиссиинэ көмөтүн киинин 9 үрдүк таһымнаах исписэлииһэ баар. Бөлөххө: невролог, травматологтар, анестезиолог-реаниматолог, колопроктолог, отоларинголог, эндоскопист, хирург, ону сэргэ 4 мэдиссиинэ орто сүһүөх исписэлииһэ баар.
Ленскэй оройуоннааҕы киин балыыһата исписэлиистэр кэлэллэригэр күүскэ бэлэмнэннэ, улахан үлэни хирургическай анал көмө наада буолар ыарыһахтарын сүүмэрдээһиҥҥэ улахан үлэни ыытта. Бастакы күннэргэ быраастар дьону көрүөхтэрэ, ол кэннэ эпэрээссийэлэниэн сөптөөх ыарыһахтары быһаарыахтара.
Санатан суруйдахха, мобильнай хирургия киинэ Нерюнгри, Алдан оройуоннарыгар үлэлээбитэ. Быраастар барыта 900-тэн тахса ыарыһаҕы көрбүттэрэ уонна уопсайа 56 үрдүк технологиялаах хирургическай эпэрээссийэни оҥорбутттара диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Маннык инновационнай бырайыактары олоххо киллэрии 2019 с. дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» нацбырайыакка олоҕуран олоххо киирэр уонна Ил Дархан «О стратегических направлениях укрепления общественного здоровья и развития системы здравоохранения в Республике Саха (Якутия)» ыйааҕыгар баһаарыллан оҥоһуллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: