Модукка 150 миэстэлээх саҥа оскуола аһыллыаҕа

Share

Нам улууһун  Модут нэһилиэгэр 70-с сыллардаахха тутуллубут оскуола хаарбаҕынан сибээстээн, 2022 сыллаахха көтүрүллүбүтэ. Ол кэмтэн  ыла оҕолор, учууталлар үс сиринэн көһөн үөрэнэ олороллор диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

— 2022 сылга элбэх үлэ ыытыллан, үөрүүлээх быһыыга-майгыга саҥа оскуола бастакы сыбаайата түһэриллибитэ. 150 миэстэлээх икки мэндиэмэннээх саҥа таас оскуола СӨ инвестиционнай  бырагырааматынан  үбүлэнэн тутулунна. Үлэни «Намстрой» СМУ ХЭТ (генеральнай директор Вадим Кутуков) сүрүннээтэ. Тохсунньу 22 күнүгэр оскуола үөрүүлээх аһыллыыта буолаары сууйуу-сотуу, хомунуу үлэлэрэ ыытылла турар. Бэҕэһээ  улуус баһылыга Юрий Слепцов үлэни-хамнаһы билсэ оскуолаҕа бара сырытта. Төһө бэлэм буолбутун көрдө-иһиттэ. Оскуолаҕа бэдэрээтчиттэн саҕалаан оскуола коллектива, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ сууйа-сото, саҥа миэбэллэри үөрэ-көтө таҥа сылдьаллар. Онон, тохсунньу 22 күнүгэр, улууспутугар өссө биир таас, толору хааччыллыылаах, аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир саҥа оскуола үлэҕэ киирэн, кэнчээри ыччаппыт билии сомсоругар төһүү күүс буолуоҕа, — диэн  «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

3 часа ago