Модун санаалаахтар түһүлгэлэригэр кыттыстым
Биһиги киэҥ Ньурбабыт киэлитигэр төрөөн-үөскээн, олорон ааспыт, самныбат санаалаах, өркөн өйдөөх сүдү киһибит Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ модун аатынан киэн туттан, сүгүрүйэн туран, билиҥҥи үйэ саргылаах санаалаахтара, тарбахха баттанар талыы дьоммут тэрээһиннэринэн Туймаада хочотугар «Арчы» дьиэтигэр түмсэ түһэн ааһыыга ыҥырыллан, ыксалаһан ааспыппын сэһэргии түһүүм.
Хата мин кыбыстан сирдээн тимирбэт быабар өрүү сүүрэн-көтөн кутугунайар, үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, бибилэтиэкэ идэтин талбытын аатыгар, дьонугар-сэргэтигэр кэрэ кэпсээн кэһиилээх, Ньурбачаан нэһилиэгэр өр сылларга бибилэтиэкэринэн үлэлээбит Людмила Васильевна Иванова сүдү убайын Михаил Спиридоновиһы аат ааттаан үөрэтэн, улууспут аҕа баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев өйөөһүнүнэн кинигэ таһааттаран сүрэхтээбит буолан, киһи тэҥэ сананан, Хорула хоһуун-хоодуот, ытык киһитэ Юрий Наумович Иванов өйөбүллээх, мааны уолбут, кэскиллээх кэрэһиппит Виктор Борисович Борисов хоннохтоох буоламмыт, бигэтик сананан, бэрт сэмэй соҕустук саҥара түһэн аастым.
Биһиги, ньурбалар, дойдуларын уонна бүттүүн саха норуотун аата инники күөҥҥэ тахсарыгар турууласпыт дьоммутуттан биирдэстэрэ Багдарыын Сүлбэ аатын үйэтитэргэ үлэлэһэр дьоҥҥо, үөрэнээччилэригэр кыттыһан, Людмила Васильевна туруорсуутунан Михаил Спиридонович аатын Ньурбачаан оскуолатыгар биэрэргэ (улуус салалтата уонна элбэх киһи эрдээх санаата санааны дабайар) бары биир ситимҥэ киирэммит, убайбыт аатын силигин ситэрэн кэбиһэр кэм кэллэ. 95 сыл анараа өттүгэр XX үйэ саарына Михаил Спиридонович Иванов орто туруу дойдуга кэлбит үтүө аатыгар саха норуота сайдыы суолунан чиҥник, киэҥник үктэнэн дорҕоонноохтук туойан-ыллаан, саҥаран-иҥэрэн ааһарыгар тыынын да толук уурарын кэрэйбэккэ, түүнүктээх түрмэҕэ умса анньыллан, суобаһа, кэрээнэ суох быһыыттан атарахтатан, оччотооҕу амырыыннаах кэмнэргэ туох санааттан түөрт өлүү түгэҕэр төннөн түҥнэстэ сыспытын, туох билиэй, сэрэйиэй, оччотооҕу үйэ амырыыннаах ааннарын туох сэгэтэн көрөн уйгуурдуой?
Онтон биһиги, ХХI үйэ иэгэйэр икки атахтаах киһитэ, кэнчээри ыччаппытыгар хаалларар хаарыаннаах кыһабытын, уран тыллаах уот тылбытын быһаарсар кэмнэрдээх кэскиллээх күндү күннэрбитин, утуму-ситими күөрэччи тутуоҕуҥ. Сүдү киһибит Михаил Спиридонович-Багдарыын Сүлбэ утумнааччыларыгар, үөрэнээччилэригэр устуоруйа наукатын хандьытаата Пантелеймон Пантелеймонович Петров, күөгэйэр саастарбар алтыһан ааспыт биир идэлээҕим, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Святослав Павлович Григорьев, Ил Дархан сүбэһитэ, бүтүн Саха сирин дьүүллүүр үрдүкү суутугар өр сылларга үтүө аата суон сураҕырбыт Игорь Игнатьевич Николаев уоттаах-төлөннөөх тылынан санаан-ахтан ааспыттара миэхэ, ырааҕынан сылдьар киһиэхэ, күндүтүк иһиллэр буоллаҕына, көмүс чыычаахтарыгар, туйах хатарааччыларыгар, уолаттарыгар Эллэй, Айдар, Ньургун Михайловичтар, сиэннэр, хос сиэннэр сүрэхтэрин-быардарын ортотунан төһөлөөх күндүтүк, истиҥник иһиллибитэ буолуой. Ытык киһибит, норуот айымньытын суолдьут сирдьитэ, филология наукатын дуоктара Василий Васильевич Илларионов бииргэ үлэлээн ааспыт сылларын дьылтан дьылга аттаран, тэрээһин боруогун атыллаан, хоммут уоһун хоҥнорон кэпсээн, кэҥээн тэнийдэ. Хорсун-хоодуот дьонноох хоту сирин хонноҕуттан хобо буолан чугдааран, кырдьыктааҕы чопчулаһар дьахталлар суолдьут сирдьиппит, Далбар хотун, социология наукатын дуоктара Ульяна Алексеевна Винокурова өтөрү-батары көрүүлээх, өргөстөөх санаалаах Багдарыын аата охтон биэрбэт олохтоноругар үлэлиир кэм кэлбитин ыйан туран, сүдү киһини кытта тулхадыйбат биир санаанан хардыылаабыттарын ахтан ааспытын, мин уруккуттан да хорсун санааларыттан толло көрөр дьоммунаан алтыһан ааспыппыттан дьоллонон, сэмээр сөҕө, хайҕыы истэ-көрө сэргээтим.
Бу модун санаалаахтар түһүлгэлэригэр «Айар» кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо Август Васильевич Егоров уонна дириэктэри солбуйааччы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валерий Николаевич Луковцев 90-с сыллартан Багдарыын Сүлбэ суруйууларын барытын кинигэнэн таһааран, өрүү өйөбүл оҥорбут үтүөлээх мааны дьонум, физико-математическай наука дуоктара, саха буолан сандаарарбытыгар сыратын-сылбатын анаабыт Иван Иванович Шамаев Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ төрөөбүтэ 95 сылыгар анаммыт тэрээһиҥҥэ ыҥырбыттарыгар махтанабын. Түгэнинэн туһанан, былыргы-быйылгы быысаһар кэмигэр, хатыһыылаах кэмнэргэ көҥүл санаатын доргуччу саҥарбыт Степан Васильевич Васильев аатын хараардыбат туһугар үрдүк таһымнаах үлэҕитигэр махтанабын. Аҥардас Мэҥэдьэк өркөн өйдөөҕө, устуоруйа наукатын дуоктара Егор Егорович Алексеев аатыгар ис сүрэхтэн туруорсаргытынан сэмэй да соҕустук буоллар, ытыктабылбытын тиэрдэбин.
Сүдү тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт Саха сирин саарыннарыгар баҕарабын чиргэл тиит мас курдук чэгиэн буолууну, сиирэ да астахха сиик тахсыбатын, хайа да астахха хаан оҕуолаабатын курдук үүнэн-сайдан, сириэдийэн, силискит чэчирии турдун, кэхтэн биэрбэт кэскиллэниҥ, охтон биэрбэт уйгуланыҥ. Багдарыын Сүлбэ сүүс сааһыгар сүдү ситиһиилээх көрсүөҕүҥ!
Розалия Михайловна ТИХОНОВА,
Ньурба улууһун култуураҕа департаменын салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: