Модут нэһилиэгин ийэлэрин, эбэлэрин «Ситим» үҥкүү бөлөҕө 2016 сыллаахха тэриллибитэ. Салайааччынан олохтоох кулууп хореограба Маргарита Шамаева үлэлиир.
Бастаан тэриллэр кэмнэригэр нэһилиэк иһинэн ыытыллар араас тэрээһиннэргэ, улуус ыһыахтарыгар кытталлара. Онтон кэлин салайааччылара улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас үҥкүү куонкурустарыгар кыттар буолбуттара диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бу ый 26 күнүгэр Владикавказ куоракка «Алтын Майдан – Алания» норуоттар икки ардыларынааҕы инклюзивнай бэстибээлгэ кытта бараары бэлэмнэнэ сылдьаллар. Даҕатан эттэххэ, Модут нэһилиэгэ бу бэстибээлгэ үһүс төгүлүн кыттар. Ол курдук, 2018 с. Крымҥа «Модутчаана» үҥкүү бөлөҕө уонна былырыын бу бэстибээл Саха сиригэр ыытыллыбытыгар «Дьүөгэлиилэр» уран тарбахтаах ийэлэр, эбэлэр түмсүүлэрэ прикладной искусство быыстапкатыгар ситиһиилээхтик кыттыбыттара.
Аны бу сырыыга үҥкүүнэн кытта бараары долгуйа сылдьаллар. Уопсайа салайааччыларын кытта ааҕан 16 буолан бараллар. Саха норуотун үгэһин билиһиннэрэр сыаллаах бэстибээлгэ хас даҕаны хайысханан кыттыахтара. Онон, үҥкүүлэрин таҥаһын тигииттэн саҕалаан үгүс бэлэмнэниини ааһан түбүгүрдүлэр.
Үҥкүү бөлөҕө айаннарын билиэттэрин булан биэрбит «Viva tour» туристическай ааҕыныстыбаҕа, чуолаан биир дойдулаахтарыгар Таисия Поповаҕа уонна сүбэ-ама, күүс-көмө буолбут талааннаах биир дойдулаахтарыгар Валентина Чирковаҕа махталларын тиэрдэллэр.
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…