Модут нэһилиэгин «Ситим» үҥкүү бөлөҕө Владикавказка ситиһиилээхтик кытынна

Share

Бу күннэргэ Осетия Владикавказ куоратыгар «Алтын Майдан-Алания» норуоттар икки ардыларынааҕы инклюзивнай бэстибээлгэ Модут нэһилиэгин «Ситим» үҥкүү бөлөҕө үрдүк ситиһиилээхтик кытынна.

Далбар Хотуттар норуоттар үгэстэрин билиһиннэрэр бэстибээлгэ дьүүллүүр сүбэ иннигэр хас да ураты нүөмэрдэрин таһаардылар, сиэдэрэй үҥкүүлэрин таҥаһын көрдөрөн, кэрэхсэбили ыллылар диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата ТГ-ханаалыгар суруйар.

Ол курдук, «Алтын Майдан-Алания» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ — 2 истиэпэннээх лауреат, «Артхурон» норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга — 1 истиэпэннээх лауреат, «Атмосфера» күрэххэ — 1  истиэпэннээх лауреат, этнодефилеҕэ Саргылана Кычкина саха дьахтарын кыһыҥҥы таҥаһын көрдөрөн 1 истиэпэннээх лауреат, маны сэргэ дьүүллүүр сүбэ анал бирииһин ылары, 1 истиэпэннээх лауреат буолары ситистилэр.

«Бэстибээл түмүктэнээттин кытта 412 №-дээх байыаннай госпитальга сылдьан байыастарга дойдубут дьоно оҥорбут харысхалларын уонна оҕолорбут суруктарын алгыс тыллаах туттардыбыт. «Ийэлэр алгыстара» үҥкүүнэн арчылаатыбыт. Бүгүн Норуот сомоҕолоһуутун күнүн бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ Арассыыйа 31 эрэгийиэнтиттэн кэлбит доҕотторбутун кытта төрөөбүт дойдубут, Модуппут, Наммыт уонна Өрөспүүбүлүкэбит былаахтарын күөрэччи тутан сэлэлии хаамыыга уонна улахан Гала-кэнсиэргэ кыттыыны ылыахпыт. Бары күүс-көмө буолбут дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит!», диир дэлэгээссийэни салайан илдьэ сылдьар СӨ үтүөлээх артыыската Валентина Чиркова.
What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

2 часа ago