Салгыы
Моҕой сыла, мичик гын!

Моҕой сыла, мичик гын!

15.12.2024, 09:00
ХААРТЫСКАЛАР: WWW.PERFECTSTOCK.RU СААЙТАН
Бөлөххө киир:

Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол иһин хайдах табылларынан буолбакка, үүнэр сылы төһө кыалларынан бары ирдэбилин тутуһан көрсөргө кыһаллабыт, эрдэттэн бэлэмнэнэбит.

Моҕой сыла

Үүнэр 2025 сыл – Моҕой (эриэн үөн) сыла. Кытай горос­куобугар олоҕурдахха, хас биирдиитэ тус-туспа суолталаах 12 сыл бэлиэтэ баар. Ол хас биирдиитэ биэс элэмиэнтэн биирин кытта ситимнээх буолар: уот, сир, мас, тимир уонна уу. Кэлэр 2025 сылга Мас Күөх Моҕой баһылыыр-көһүлүүр. Маннык күүс уонна кыыл сөп түбэсиһиилэрэ 60 сыл анараа өттүгэр буолбута диэн этэллэр. Бу кыыл кытай мифологиятынан олус улахан күүстээх – өтө көрүмтүө, муударай, сымса, эрэллээх буолуу курдук хаачыстыбалардаах. Үүнэр сыл Моҕойо кырдьыксыт, эйэ­ҕэс, алҕаһы өйдүүр диэн бэлиэтииллэр. Оттон остуоруйаларга сөптөөх сүбэ-ама биэрэр, уустук балаһыанньаттан тахсар суолу ыйар. Күҥҥэ, сылааска тахсан сыламныырын сөбүлүүр. Айдааны-куйдааны ылыммат, чуумпу миэстэни сөбүлүүр, онон астрологтар үүнэр 2025 сылы улахан хампаанньанан буолбакка, сылаас дьиэҕэ-­уокка, чугас дьону, доҕоттору кытта көрсүҥ диэн сүбэлииллэр.

Харыйа

Астан-таҥастан эрэ буолбакка, харыйаны хайдах киэргэтэртэн кэлэр сыл бэлиэтэ уонна, саамай сүрүнэ, дьиэ­тээҕи дьон настарыанньата улахан тутулуктаах дииллэр. Холобур, киэһэ ахсын үлэ кэнниттэн дьиэҕэр ааны ары­йан киирээккин кытта сүрэҕиҥ сөбүлүүрүнэн, бэйэҥ баҕаҕынан симээбит лаглайбыт харыйаҥ көрсөрө, үөрүүнү үксэтэр, Саҥа дьылга бэлэмнэнэн түбүгүрэр үлэни чэпчэтэр.

Мас Күөх Моҕой айылҕа өҥүн, матырыйаалларын биһириир: сырдык саарыл, маҥан, күрэҥ, от күөх, кыһыл көмүс дьүһүннээх өҥнөрү дьүөрэлээн киэргэтиэххэ сөп. Онон аҕыйах да ахсааннаах мас киэргэли, оонньууру иилиҥ. Маҕаһыынтан бэлэми да атыылаһыаххытын эбэтэр бэ­­йэҕит илиигитинэн оҥоруоххутун сөп. Киэргэлгэ мас туораҕа, эриэхэ, корица, хатарыллыбыт апельсин табыгастаах. Эриэн үөн оонньууру харыйаҕытыгар булгуччу ыйааҥ.

Кыһыл, үрүҥ көмүстүҥү дьүһүннээх гирлянда, дождик 2025 сыл харыйатын киэргэтэргэ саамай табыгастаах. Саамай сүрүнэ – илии таһынан, буоллун-хааллын диэн оҥоһуллуо суохтаах, боччумнаах, уурбут-туппут курдук буолуохтаах.

ХААРТЫСКАЛАР: WWW.PERFECTSTOCK.RU СААЙТАН

Бырааһынньык сандалыта

Астрологтар, фэншуй испи­сэлиистэрин ырытыыларын үөрэтэн баран, дьол, табыллыы, ситиһии эрэ тосхойорун туһугар Саҥа дьыллааҕы сандалыны киэргэтэргэ кэккэ сүбэлэри түмтүбүт.

Бырааһынньык остуола судургу көстүүлээх эрээри, олус мааны, сиэдэрэй, от күөх өҥө баһыйар буолуохтаах. Маны кыһыл, үрүҥ көмүс дьүһүннээх прибордарынан, чүмэчинэн ситэрэн биэриэххэ сөп.

Кууруссаттан, индейкаттан, кустан, хоруолуктан бүлүүдэлэри астаатаххытына олус табыллаҕыт. Тоҕо диэтэххэ, бу эриэн үөн сөбүлүүр аһылыктара. Гарнирга араастык буһарыллыбыт хортуоппуй, рис барсар.

Дьэҥкир иһиккэ хайаан даҕаны ханнык баҕарар эриэ­хэтэ ууруҥ. Эриэхэ табыллыы, уһун үйэлэнии бэлиэтинэн буолар. Элбэх күөх фрукта баара ордук: дьаабылыка, виноград, киви, груша… Арыылаах кириэм­нээх торт оннугар фрукталаах десерт ордук.

Дьолгут балык курдук “ньылбарыс” гынан хаалыан баҕарбат буоллаххытына, балык аһылыгынан үлүһүйү­мэҥ дииллэр.

Аны олус хатан, сыттаах, аһыы амтаннаах бүлүүдэлэри астаамаҥ, аһыы утаҕы көрөн ууруҥ. Тоҕо диэтэххэ, бу кэлэр сыл бэлиэтин ис туругун ыһаллар, алдьаталлар.

Остуолга тугу ууруллубат: фаршированнай сымыыты, кытаанах, куура хаппыт бородуукталары, эриэн үөн курдук быһыылаах киэргэтиллибит бүлүүдэлэри.

Лаглайбыт күөх харыйа иннигэр онно дьүөрэлии от күөх өҥнөөх иһиккэ күөх оҕуруот аһын, фруктаны киэргэтэн уурар ордук.

Таҥас-сап

Дьиэбитин-уоппутун, аспытын-үөлбүтүн бэлэмнээтибит. Аны Күөх Моҕойго сөп түбэһэр таҥаспытын көрүнэр ирдэнэр.

Астрологтар сүбэлэрин сыымайдаан көрдөххө, дьиэ ис көстүүтүттэн саҕалаан кыра киэргэлгэ тиийэ кэлэр сыл Моҕойун биһириир өҥнөрүн дьүөрэлии тутуҥ диэн ыйаллар. Ол ханныктарый?

Дизайнердар, модельердар быйыл күһүн, кыһын от күөх өҥ бары эгэлгэтэ муода диэн этэллэр. Бу – хаки, васаби, киви өҥүттэн саҕалаан чаҕылхай лайм өҥүгэр тиийэ. Эспиэртэр киэҥ-холку таҥаһы эккэ-сииҥҥэ лоп-бааччы олорор, уһун таҥаһынан солбуйар ордук дииллэр. Биир тылынан эттэххэ, эриэн үөн тириитигэр ханыылыы таҥас, онно сөп түбэһэр өҥ биһирэнэр эбит. Аны хараҥа халлаан күөҕэ, халлаан күөҕэ өҥүнэн олус үлүһү­йүмэҥ диэн сэрэтэллэр. Ол эрээри, киһи ис санаатын истиэх­тээҕин умнумаҥ диэн сүбэлииллэр.

Бэлэх

Саҥа сылынан дьиэ кэргэммитигэр, аймахтарбытыгар, доҕотторбутугар тугу бэлэх­тиибит диэн номнуо толкуйдана сылдьар буолуохтааххыт.

Ханнык баҕарар киһиэхэ бэлэх оҥоруох иннинэ кини тугу биһириирин, мунньарын, сөбүлүү көрбүтүн өйдүү сатааҥ уонна мантан аттаран бэлэххитин ылыҥ, оҥоруҥ.

Аныгы кэмҥэ өҥө арааһа баар. Хас биирдии бэлэххэ анал суруктаах-бичиктээх, бэлиэлээх буолара бэлэҕи маҕаһыын аттынан ааһан иһэн киирэн ылбатаххытын туоһулуоҕа. Холобур, кэрэ аҥаардарга браслет, кулон, кумааһынньык бэртээхэй бэлэҕинэн буолуохтара. Манна кинилэр ааттарын, төрөөбүт күннэрин, бэргэн этии­лэри суруйтарыаххытын сөп.

Эбэтэр чугас дьоҥҥутугар, доҕотторгутугар бэлэхтиир­гэ үүнэр 2025 сыл уопсай, ыйдарынан халандаара, күннүгэ, блокнота табыгастаах. Маны араас бииргэ сылдьыбыт үөрүүлээх, бэлиэ күннэргит хаартыскатынан, видеотынан киэргэтэн биэриэххитин сөп.

Үйэбит сайдан, кэлин күннээҕи олоххо туттар, өйдөөх тэрили хото бэлэхтэһэр буоллубут. Маныаха бэлэхтиир ыалгытыгар, киһигитигэр маннык мал чахчы суоҕун учуоттуу сатааҥ. Холобур, смарт-колонка, араас лаампалар, пылесос, өйдөөх чаһы, суумка, үрүсээк…

Бэлэхтиэххэ эрэ диэн ылыах­тааҕар, сэртипикээти­нэн (маҕаһыыҥҥа, маастар-кылаас­ка, дьарыкка, куорат таһыгар сынньанар дьиэҕэ…) биэрбит ордук диэн сүбэлииллэр. Бэлэхтэппит киһи бэйэтигэр чопчу нааадалааҕын, туһалааҕын ылыан, доруобуйатын тупсарыныан сөп.

Ханнык баҕарар бэлэх киһиэ­хэ үйэтин тухары өйдө­нөн хаалара ордук суолта­лаах. Онон бэлэх оҥорор киһигит интэриэһин хайаан даҕаны учуоттааҥ.

Моҕой сылын оҕолоро

Моҕой сылыгар төрөө­бүттэр элбэҕи толкуйдуур, өйдөөх, элбэх кистэлэҥи тутар дьон. Ханнык баҕарар ииччэх-баач­чах дьыалаттан сөбүн булан ылар муударай, тыйыс дьон. Кинилэр кэккэлэригэр бэлиитиктэр, финансистар, эзотериктар, уйулҕа үлэһиттэрэ элбэхтэр. Дьону кытта алтыһалларыгар саталлаахтар, хомоҕой тыллаахтар, соруктарын ситиһэн тэйэллэр.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: