Мохсоҕоллоох оскуолатыгар 450 миэстэлээх эбии дьиэтэ арыллара былааннанар

Share

Кэлэр нэдиэлэҕэ Мохсоҕоллоох орто оскуолатыгар 450 миэстэлээх эбии дьиэтэ тутуллан арыллара былааннанар. Тутуу бастакы сыбаайата былырыын Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр түһэриллибитэ.

«Тутуу бэдэрээччитэ — «Якутцемент» АУо. Оскуолаҕа оҕолор икки симиэнэн үөрэнэллэр. Саҥа тутуу үлэҕэ киириэҕиттэн оҕолор биир симиэнэ үөрэххэ көһүөхтэрэ. Эбийиэк 450 үөрэнээччигэ суоттанна. Бу күннэргэ тутуу үлэтэ  толору кээмэйинэн түмүктэннэ, кыра үлэлэр хааллылар», — диэн Хаҥалас улууһун дьаһалтатын тутуу инфраструктуратын управлениетын начаалынньыга Алексей Мартынов иһитиннэрдэ.

Бүгүҥҥү туругунан Мохсоҕоллоох орто оскуолатыгар 800- тэн тахса оҕо үөрэнэр. Оскуола үс этээстээх эбии дьиэтин иэнэ 3,7 тыһыынча кв.м., онно 16 кылаастаах уонна эбии дьарыктары ыытарга 8 хостоох, физкултуура уонна актовай саалалардаах. Бу туһунан Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэйгэ баан счетуттан харчы уоруутун дьыалата арылынна

Саха сиринээҕи ИДЬМ сулууспатын Мииринэй оройуонун отделыгар Мииринэй куорат олохтооҕуттан баан каартатыттан 19 000 солк.…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот тыйаатыра 60 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ

Бу сылга РСФСР уонна САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот тыйаатырын дириэктэринэн үлэлээбит Иван Спиридонович Семенов…

10 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Сунтаар улууһугар ойбонтон урут сүппүт киһи өлүгэ булулунна

Сунтаар улууһугар  тохсунньу саҥатыгар сүппүт киһи өлүгэ көһүннэ. Эр киһи өлүгүн уу аннынан устар камеранан…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. «Уот Дьулустаан» уус-уран саҥа сериалы көрүөхпүт

«Саха» НКИХ ханаалыгар бу сыл тохсунньу 27 күнүттэн Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырын артыыстара кыттыылаах…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Дьокуускайга «Поднимаем России знамя» фашизмы утарар пуорум буолан ааста

Бэҕэһээ Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов, аатырбыт снайпер, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков уола уонна сиэнэ,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Матаһыыкылга уонна таһаҕас тиэйэр тырааныспарга ОСАГО сыаната уларыйар

Киин баан 2024 сыл сэтинньи 22 күнүнээҕи 6949№-дээх бирикээскэ уларыйыы киллэрбитин таһаарда. Докумуон ааспыт сыл…

11 часов ago