Мохсоҕоллооххо кырбаммыт ыты Дьокуускайга аҕаллылар
Социальнай ситимҥэ Хаҥалас улууһун Мохсоҕоллооҕор ыты кырбыы сылдьар киһини видеоҕа устан тарҕаппыттара.
Уһун ураҕас турбанан ыты кырбыыр киһини көмүскэһээччилэр да бааллар, хайҕааччылар да бааллар. Бэлиэтээн суруйдахха, ыт моонньугар моойторуктаах. Ол аата кини хаһаайыннаах. Сурах-садьык быһыытынан ыт иччитэ байыаннай дьайыыга сылдьар диэбиттэр. Оттон сорохтор ыт оҕоҕо саба түспүтүн иһин оҕо аҕата тахсан ыты кырбаабыт дииллэр.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр биллэр зоозащитник Злата Сычеваҕа сибээскэ таҕыстыбыт:
— Эмсэҕэлээбит ыты үтүө санаалаах дьон көмөтүнэн Дьокуускайга аҕалан килииникэҕэ көрдөрдүбүт. Ыты Хан диэн ааттаатыбыт. Сымнаҕас майгылаах ыт диэн көрдүм. Сааһа быһа холоон 7-8 ыйдаах, аттамматах эбит. Төбөтүгэр сыҥааҕар эчэйиилэрдээх. Тэмтээкэйдии сылдьар туруктаах ыты аҕалбыттара. Кэнсиэрбэни да сиир кыаҕа суох. Хайдах кыылы маннык атаҕастыахха сөбүй? Ыт хаһаайына ким буолара биллибэт. Байыаннай дьайыыга сылдьар киһи ыта дииллэр даҕаны, билигин аны эппиэтинэстэн итинэн куотунар буоллулар. Бэлиэтээн эттэххэ, байыаннай дьайыыга барааччылар бэйэлэрин кытта түөрт атахтаах доҕордорун илдьэ барыахтарын сөп ээ. Кыылы атаҕастыыр киһи бэйэтэ кыылга тэҥнээх дии саныыбын.
Эппиэтинэһэ суох хаһаайыттартан дьон-сэргэ уонна ыттар эмсэҕэлииллэр. Дьон өйүгэр хаһан тиийэрэ буолла, иитэ ылбыт кыыл иннигэр киһи эппиэтинэһи сүгүөхтээх!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: