«Молокуолуур” Балык Байбал
Сопхуос саҕаттан биир да сыл уоппуската суох үлэлиир киһи баара буолуо диэн, бука, үгүспүт сэрэйэн да көрбөтө чахчы.
Дьэ, оннук киһи баар эбит. Амма Бологуруттан төрүттээх Павел Семенов, норуокка биллэринэн, Балык Байбал Мэҥэ Хаҥалас Хорообут нэһилиэгин күндү көмүс күтүөтэ.
Быраактыка холбообут ыала
1984 сыллаахха күһүн Болугурга устудьуоннар бурдук хомуйуутугар быраактыкалана тиийбиттэр. Онно күнүс күүстээх үлэ кэнниттэн ыччаттар киэһээҥҥи “танцыларыгар” Байбал Мэҥэ Хорообутун Феврониятын атыттартан сөбүлүү көрбүт. Эдэр дьон ый курдук билсиһээт, ыал буоларга санаммыттар. “Түөрт оҕо күн сирин көрөр, 40-ча сыл бииргэ олорор быабыт тардан буолуо, сыһыаммытын уһата-кэҥэтэ барбатахпыт, сокуонунан холбоһон, Семеновтар диэн аймах ууһун силиһин хаҥатан барбыппыт…” – диэн кэпсиир дьоллоох ыал ийэтэ Феврония Петровна.
Ыал ийэтэ сайыннары-кыһыннары — кэргэнин уҥа илиитэ.
“Молокуо” суоппара
Балыксыт, булчут бэрдэ буолан, “Балык Байбал” таптал аат киниэхэ иҥэн хаалбыт.
Хорообукка кинини ити аатынан биллэр. Күндү күтүөт, кырдьык да, көмүскэ тэҥнээх эбит. Бастаан утаа “тугу үлэлииргин билиһиннэр” диэн кэпсэтиибитин саҕалаабыппар, киһим “молокуолуубун” уонна “бортовой” массыынаҕа суоппардыыбын” диэбитигэр тута өйдөөтүм.
Ол аата үүт тиэйэр суоппар эбит. Сэбиэскэй кэмҥэ “молокуолар” сопхуос отделениеларын аайы баар, бастыҥ суоппардар буоллаҕа.
— Хорообут 1000 кэриҥэ киһи олорор Мэҥэ Хаҥалас улууһун биир бөдөҥ нэһилиэгэ. Майаттан биир чаас курдук айаннаан тиийэҕин. Биир “КП”-лаахпыт. Соторутааҕыта сылгы собуота тутуллан үлэҕэ киирдэ. Үүт, арыы, эт боородууксуйата оҥоһуллан тахсар сирэ бу. Онон миэхэ үлэлиир усулуобуйам барыта баар. Сайын сайылыктан үүт таһабын. Кыһын Табаҕаҕа, Майаҕа “Манчаары” тэрилтэ арыы сыаҕар “молоколуубун”.
Сайын-күһүн сиилэскэ үлэлиибин. Сиилэһи массыынаҕа быһан, анал дьаамаҕа тиийэн кутабын. Онно эбии туус кутабыт. Ол аспытын билигин пиэрмэҕэ таһабын. Ынахтар онон аһаан эрэллэр. Аммаҕа комбайнердар куурустарыгар үөрэнэн баран, күһүн хомуурга комбайҥҥа үлэлиибин. Быһата, тиэхиньикэ үлэтигэр барытыгар сыстаҕас буолан, дьыл кэмиттэн көрөн, көһө сылдьабын,— диэн кэпсиир сэһэргэһээччим Павел Павлович.
Салалта өйүүр
“Ол эн соҕотох суоппаргын дуо, уоппуската суох хайдах үлэлиэххэ сөбүй?” диэн соһуйан ыйытыыбар, кэргэнин оннугар Феврония Петровна хоруйдуур: “Сопхуос саҕаттан нэһилиэкпитигэр суоппар тарбахха баттанар. Эгэ, аныгы ыччат суоппардыа дуо? Хамнаһа кыратыттан бу үлэҕэ тардыспаттар. Онон комбайн буоллун, “молокуо” буоллун, “бортовой” буоллун – барытыгар Сэмэнэп Байбал.
Кини уоппускалана оонньуу сыртыттаҕына үлэ барыта туран хаалар буоллаҕа”.
“Эс, оччотугар бу киһи олох кыратык да тохтообокко, собуоттанан баран сылдьар курдук эттиҥ дии? Хаһан оччоҕо дьиэ кэргэнигэр болҕомто уурар, бэйэтигэр оттонор?” диэн бэркиһээбиппэр, дьиэлээх хаһаайын кэпсэтиигэ кыттыһар:
— Эдэр эрдэхпиттэн сэбиэскэй иитиилээх киһи буолан, “уопсай үлэ” диэн баран муннукка ытаабыт киһибин. Бачча элбэх тиэхиньикэни уларыта сылдьан үлэлиир киһи, бэйэбэр чааһынай тиэхиньикэм суох. Инньэ гынан, салалтам бокуойа суох сылдьан үлэлиирбин көрө-истэ сылдьан, миигин өйүүр. Сайын окко сылдьар солом суох суох буолан, кыстыыр оппун тэрилтэм толуйар. Маны таһынан, сайын аайы аймахтарым, оҕолорум кэлэн саба түһэн, эбии оппутун булунабыт. Күнү быһа тиэхиньикэни кытта “тустубаппын”, сынньанан ылабын. Түбүктээх кэмҥэ, биллэн турар, соло суох буолар. Үлэ холку кэмигэр эбиэттэн киэһэ сынньаныахпын сөп.
Ол кэмҥэ балыктыыбын, тыаттан тахсыбаппын, дьиэ таһыгар кэргэммэр көмөлөһөбүн.
Оҕо — дьол
Семеновтар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар түбүк үгүс. Былырыын 18 төбө сүөһүнү кыстаппыттар. Быйыл 10 төбөнү иитиэххэ хаалларбыттар. 4 оҕолоруттан 12 сиэннээхтэр. Улахан кыыстара быраас буолан, Аллараа Бэстээхтэн кэлэ-бара сылдьан, төрөппүттэрин көрөн-истэн ааһар. “Бэйэбит быраастаах буолан абыранныбыт” дэһэллэр аҕалаах ийэ. “Улахан уолбут урбаанньыт, икки үрдүк үөрэхтээх. Орто уол – эмиэ тиэхиньикэ урбаанньыта. Кыра уолбут Дьокуускайга бэтэринээрдиир. Сүрүн күүспүт, тирэхпит – уолаттарбыт. Кинилэринэн олоробут”, — диэн Павел Павлович киэн тутта кэпсиир.
Улахан кылааттаах
Семеновтар үлэ дьонун быһыытынан үлэлэрэ сарсыарда 5 чаастан саҕаланар. Киэһэ 19.30-20.00 чааска ороннорун булаллар эбит. Саамай хойуутаабыттара – 21 чаас. Эрдэ туран сүөһүлэрин көрөллөр, тоҕус чааска диэри дьиэ ис-тас үлэтин үмүрүтэллэр.
Павел Павлович быйыл Хорообукка саҥа сылгы собуота тутуллан кииритигэр тус өҥөлөөх – урукку сылларга хаан уларытан, Өймөкөөн улууһун курдук адаар тас хайалардаах сиртэн боруода убаһалары, соноҕостору тиэйэн аҕалбыт. Мэҥэттэн миинньиллэр аттары илдьэн биэрэн атастаһаллар эбит. Биллэн турар, хааны уларытыы үлэтэ түмүктээҕэ чахчы. “Саха” НИКХ “Сонуннарга” кэпсээбитинэн, билигин “Хорообут” сылгы собуота 180-тан тахса улахан сылгылаах. Онтон төрүүр биэтэ — 260 төбө. Онон Тымныы полюһа курдук бэрт ыраах сиртэн хааны уларытыыга анаан соноҕостору тиэйэн аҕалбыт уопуттаах суоппар Павел Семенов хаһаайыстыба сылгы собуота тиийэ сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрсибит киһинэн буолар.
Дурда-хахха киһи
“Хаһаайыстыбабыт 40-ча сыл устата араастык уларыйан кэллэ. Сэбиэскэй кэм саҕана Дьоруой Попов аатынан сопхуос бастыҥ отделениета этэ. Онтон 1985 сылтан ааппытын “Кыһыл сулуска” уларытан, Новосибирскайтан салаллар хаһаайыстыба буолбуппут. Оччолорго Хорообукка өр сыллааҕы от сиэмэтин үүннэрэр уопутунай хаһаайыстыба тэрийбиттэрэ. Онтон эмиэ үлэ көрүҥэ уларыйан, “Хорообут” ХЭУо тэрилтэ буоллубут”, — диэн кэпсиир Павел Павлович. Үлэ сылынан сибээстээн кэпсэппит киһим Павел Семенов тыа сирин олохтооҕун быһыытынан олус сэмэй, аҕыйах саҥалаах эрээри киэҥ толкуйдаах, дьоллоох ыал дурдата-хаххата буолара биллэр.
“Өссө да бу курдук, үлэттэн сылайары билбэккэ, өрүү эрэллээхтик “молокуолуу” сырыт, Павел Павлович!” диэн “Саха сирэ” хаһыат айар кэлэктиибин аатыттан алгыспытын ыытабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: