Монголия Хархорин куоратын кытта Нам уонна Дьааҥы улуустара бырааттыы сибээһи олохтуур сөбүлэҥи түһэристилэр

Монголия Хархорин куоратын кытта Нам уонна Дьааҥы улуустара бырааттыы сибээһи олохтуур сөбүлэҥи түһэристилэр

27.02.2024, 18:35
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Арвайхээр куорат инвестиционнай пуорумун чэрчитинэн, Монголияҕа олунньу 26 күнүгэр Дьааҥы уонна Нам улуустарын дэлэгэссэийэтэ тиийэн  Хархорин куораты кытта бырааттыы сыһыаны олохтуур сөбүлэҥи түһэристилэр.

«Бүгүҥҥү тэрээһин көрдөрөрүнэн, норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан уонна уопут атастаһыы улахан суолталаах.  Бырааттыы сыһыаны олохтуур сөбүлэҥ араас хайысхаҕа сайдыыга олук ууруоҕа. Туризмы, экэниэмикэни ааҕан туран эттэххэ, улахан суолталаах буолар», –  диэн СӨ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистир Гаврил Кириллин бэлиэтиир.

Өрүттэр бииргэ үлэлэһии икки өттүттэн барыстаах бырайыактары олоххо киллэрэргэ туһалаах буолуоҕар эрэнэллэрин биллэрдилэр.

Хотугу пуорум толорооччу дириэктэрэ Владимир Васильев уонна Дьааҥы, Нам улуустарын дэлэгээссийэтэ Монголияҕа инвестиционнай пуорумҥа кытыннылар.

Хотугу Пуорум – норуоттар икки ардыларынааҕы хотугу эрэгийиэннэр тэрилтэлэрэ. Бу 1991  сыллаахха сэтинньи 8 күнүгэр Аляскаҕа тэриллибитэ.  Хотугу Пуорум састаабыгар 12 эрэгийиэн киирбитэ.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: