Монголия табаһыттара сүрүн кыһалҕаларын үллэһиннилэр
Монголия табаһыттара Нерюнгрига табаны иитиигэ аан дойдутааҕы чөмпүйэнээккэ кытта кэллилэр.
«Биһиги Саха сирин култуурата уонна айылҕата үксэ биһиэнигэр олус маарынныырын бэлиэтии көрдүбүт. Ол иһин, манна бэйэбит дьиэбитигэр сылдьар курдук сананныбыт. Биһигини олус истиҥник көрүстүлэр, чөмпүйэнээттэн эмиэ үчүгэйи эрэ күүтэбит”, — диэн Монголия табаһыттара санааларын үллэһиннилэр.
Кинилэр эппиттэринэн, дойдуларыгар табаны иитии куһаҕана суохтук сайдар. Ол гынан баран, сүрүн кыһалҕанан, үгүс атын эрэгийиэҥҥэ курдук, ыстаадаҕа таба үөрэ түһүүтэ буолар.
“Биһиги дрон көмөтүнэн бөрөлөрү батыһан кэтииргэ атын норуоттар үөрүйэхтэрин туһанабыт. Бу адьырҕа кыыллары утары охсуһуу ордук туһалаах уонна интэриэһинэй ньымата эбит”, — дииллэр Монголия табаһыттара.
Билигин Монголияҕа табаһыттарга мэдиссиинискэй көмө уонна табаларга ветеринария өҥөлөрө тиийбэттэрэ сытыы боппуруоска кубулуйбут. Ол гынан баран, бу кыһалҕаларга Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин табаһыттара эмиэ болҕомтолорун уураллар. Бу уонна табаны иитиини сайыннарыы боппуруостарын чемпионат кыттыылаахтара дьүүллэһиэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: