Моҥкуруукка барбыт дьон усунуоска иэстэрэ дьиэни саҥа бас билээччигэ көһөр
2015 сыл алтынньы 1 күнүттэн Арассыыйаҕа физическэй сирэйдэр моҥкуруукка барыыларын туһунан процедура киирэн, дьонтон кирэдьииккэ, нолуокка, хомунаалынай өҥө уонна да атын эбэһээтэлистибэлэргэ иэстэрэ сотуллар кыахтаммыта.
Ол эрээри элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ баар бас билиилэрин илдьэ хааллахтарына, 127-ФС №-дээх Федеральнай сокуон 213.8 ыст. 5 п. көрүллүбүт туорааһыҥҥа олоҕуран, хапытаалынай өрөмүөн усунуоһугар иэһэ уһуллубат эбит.
“СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хапытаалынайдык өрөмүөннээһиҥҥэ пуондата” тэрилтэ бас билээччилэри кытта үлэҕэ отделын начаалынньыга Саида Петрова маннык быһаарда:
— Хапытаалынай өрөмүөн усунуоһугар тус счет (лицевой) киһиэхэ буолбакка, элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ киһи олорор эбэтэр олорбот дьиэтигэр толоруллар. Моҥкуруукка ыытыы процедурата толорулларыгар суут уурааҕын учуоттаан хапытаалынай өрөмүөн усунуостарыгар сууманы хаттаан ааҕыы физическэй сирэйгэ – моҥкуруут барбыт киһиэхэ оҥоһуллар, ол эрээри бас билии бырааба көһөр түгэнигэр иэс барыта дьиэни (помещение) бас билээччигэ көһөр. Биһиэхэ араас түгэннэр буолааччылар. Ол курдук, дьиэни атыылаһааччы моҥкуруут барбыт киһи иэһэ барыта сотуллубута буолуо диэн атыылаабыт киһиттэн иэһэ суоҕун туһунан ыспыраапканы ирдээбэтэҕин түмүгэр, кэлин манна киһи мыыммат иэһэ баарыгар түбэһэр. Онон манныкка түбэспэт туһугар хайаан да атыылаһаргытыгар иэһэ суоҕун туһунан ыспыраапканы ирдээҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: