Моорук Суолата отчуокка түмүстэ

Share

Бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ситэриилээх былаас ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуоттуур. Бөлөҕү экэниэмикэ миниистирэ Петр Попов салайар.

Иккис бөлөх Өлөчөйтөн Моорук Суолатыгар кэллэ. Бүгүҥҥү тэрээһин кэмигэр өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн Анастасия Михайлова, үөрэх министиэристибэтиттэн Марианна Романова наҕараадаланнылар.
Суолалар ааспыт сыллааҕы үлэ отчуотугар олоҕуран эмиэ атын нэһилиэктэр курдук интэриэһиргиир ыйытыыларын биэрдилэр.
Алмааһы хостооһун тиэмэтигэр «үһү» диэн дойҕохторго олоҕурбаттарын туһугар олохтоохторго бу боппуруоска өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнаска, геологияҕа миниистирин бастакы солбуйааччы М.А.Кириллин сиһилии быһаарда. Уонна 2030 сылга диэри Чыамайыкыга  геологическай-чинчийэр, научнай-чинчийэр үлэлэр ыытыллыахтара диэн чопчулаата.
Биэнсийэлээх Роберт Егоров олохтоох ФАП үчүгэйдик үлэлиирин, ол эрээри кырдьаҕастар сытар балыыһаҕа наадыйалларын эттэ. Мэдиссиинэ үлэтин тэрийии боппуруоһугар тустаах министиэристибэ отделын салайааччыта Сардаана Тарабукина быһааран биэрдэ. Успуорт саалатын тутууну ситэриигэ бырайыагын, эспэртиисэтин чөкөтөр туһунан улуус баһылыгын тутууга солбуйааччы В.Филиппов быһаарда.
Скважинаны оҥоруу боппуруоһугар Бырамыысыланнас министиэристибэтигэр сайаапка түһэрэллэригэр этилиннэ.
Түмүккэ суолалар ааспыт ситэриилээх былаас ааспыт сыллааҕы үлэтин  биһирээтилэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

13 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

2 часа ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

2 часа ago