Сүбэһит: моркуобу, биэрэһи хаһаанабыт
Саха сирин олохтоохторо кылгас сайыҥҥа үүннэрбит оҕуруоппут аһын күһүн хойукка диэри сибиэһэйдии хаһаанарга кыһанабыт. Бүгүн оҕуруот аһыгар кэккэ сүбэлэри түмэбит.
Моркуобу хаһааныы көрүҥнэрэ
Саха сиригэр үчүгэй туруктаах, саамай уһуннук сибиэһэйдии хаһааныллар оҕуруот аһынан хортуоппуй уонна моркуоп буолаллар. Хортуоппуйу, моркуобу умуһахха халлаан лаппа сылыйыар диэри хаһааналлар. Анал үөрэхтээх дьон уһуннук харайарга орто, улахан кээмэйдээх, орто болдьохтоох «Шантане», «Болтекс», «Королева Осени», «Анжелика», «Джерада» суортар табыгастаахтар диэн сүбэлииллэр. Моркуоп хайаан даҕаны сыалай, ханан даҕаны алдьамматах, ыарыыта суох буолуохтаах.
Тоҥоруу. Тоҥорон хаһаанарга булгуччу сууйуллар, куурдуллар, ким төһө бөдөҥү сөбүлүүрүнэн кырбастаныллар эбэтэр түөркэлэниллэр уонна тус-туспа салапаан бакыаттарга кутуллар. Маннык тоҥоруллубут моркуоп мииҥҥэ, ыһаарыга кутарга барсар.
Кыбартыыраҕа. Кыбартыыраҕа моркуобу маҥнай сылаас кэмҥэ болкуоҥҥа, кыладыапкаҕа, онтон тоҥоруу түһүөн иннинэ холодильникка көһөрүөххэ сөп. Саамай сүрүнэ, температуратын уонна сиигин тутуһуллуохтаах, 0°С үрдүө, сиигэ, ортотунан, 95 % буолуохтаах.
Быстах кэмҥэ болкуоҥҥа уурарга отун быһан ылан быраҕыллар, эмалированнай биэдэрэҕэ туруору угуллар, үрдүгэр сииктээх, сыта суох салпыакканы саба быраҕыллар уонна салгын киирбэт гына ыга хаппахтаныллар. Эбэтэр кураанах моркуобу дьааһыкка уган баран суорҕанынан бүрүйүҥ. Маннык ньыма күһүн сылаас кэмҥэ табыгастаах.
Холодильникка. Саамай киэҥник тарҕаммыт ньыма – салапааҥҥа уган холодильникка харайыы. Бу ньыманы туһанарга моркуобу сууйуохха да, сууйумуохха даҕаны сөп. Сууйдаххытына хайаан даҕаны салгыҥҥа үчүгэйдик куурдуҥ. Ол эрээри, сууйуллубут уһаабатын, ууну кытта буккуһан түргэнник сытыйарын өйдөөҥ. Ото үүммүт төрдүн сэрэнэн быһыҥ. Бэлэмнэммит моркуобу салапааҥҥа уган ыга баайыҥ, икки өттүттэн дьөлөҕөстөөҥ. Салгын оонньооһуна моркуобу харыстыаҕа. Эбэтэр салапааннарга ыга симэн баран, станогунан салгынын оборторон ылыҥ. Маннык ньыманан бэлэмнэммит моркуоп холодильникка икки-үс ый туруон сөп. Биир даҕаны сытыйбыт баар буоллаҕына, салапаан иһинээҕини барытын сытытыаҕа. Ол иһин кэмиттэн-кэмигэр туругун көрө сылдьыҥ.
Кумааҕыга суулаан. Бэрт судургутук кумааҕыга суулаан харайыахха сөп. Саамай үчүгэй көрүҥнээх, сууллубатах 4-5 моркуобу ылан кытаанах кумааҕыга эбэтэр хас да хос хаһыакка кичэйэн суулууллар. Кумааҕы салгыны киллэрэр, сиигирдибэт. Кумааҕыта сиигирбит буоллаҕына, уларытан биэриэххэ сөп.
Парафиҥҥа. Соҕуруу дойдуттан фруктаны парафиҥҥа уган баран кыһыннары Саха сиригэр тиэйэн аҕалаллар, кылаабынайа, үлүйүмүөн наада. Онон сылыктаатахха, син табыгастаах ньыма буолуон сөп эбит.
Ыраас, куурбут моркуобу кыра тигээйи буоската эбиликтээх сылаас парафиҥҥа угаллар. Бу ньыманан 0-2 кыраадыска 4-5 ый устата сытыан сөп дииллэр. Биллэн турар, балачча үлэлээх уонна сыаналаах соҕус буолууһу.
Миэлгэ булкуйан. Сорох хаһаайкалар харайа ууруохтарын иннинэ мээккэлэммит миэлгэ булкуйаллар эбит. Маныаха 10 киилэҕэ 200 кыраам миэл сөп буолар диэн этэллэр. Миэл сииги тардан моркуоп уһуннук турарын мэктиэлиир дииллэр.
Кумах, мас көөбүлэ. Моркуобу умуһахха харайарга үгүс хаһаайкалар былыргыттан кумаҕы эбэтэр мас көөбүлүн туһаналлар. Дьааһык анныгар кураанах кумааҕыны тэлгииллэр, кумах (көөбүл) кута түһэн баран тэлгэтэллэр (бэйэ-бэйэтигэр сыстыа суохтаах), ол үрдүгэр эмиэ кумах (көөбүл) куталлар. Ити курдук дьааһык туолуор диэри араҥанан уураллар. Саамай үрдүгэр кумаҕы (көөбүл) саба бүрүйүллүөхтээх.
Бу ньыманан моркуобу кыбартыыраҕа сөрүүн, хараҥа хоско, кыладыапкаҕа, подъездка эмиэ ууруохха сөп.
Минньигэс биэрэһи хаһааныы
Биэрэһи кыһын хаһаанарга күөх, олус сиппэтэх, сымнаабатах буолара ордук.
Умуһахха. Умуһахха харайарга моркуопка салгын оонньуура улаханнык ирдэммэт эбит буоллаҕына, биэрэскэ бу булгуччу тутуһуллуохтаах уонна 80-90 % сииктээх, температурата 0-2 кыраадыс буолуохтаах. Салгына суох биэрэс уһуннук барбат, сытыйан хаалар. Ол иһин умуһахха харайарга фрукта дьөлөҕөстөөх иһиттэригэр, быласымаас корзиналарга уурар ордук.
Фольгаҕа. Хас биирдии куурбут (сууйуллубатах) биэрэһи тус-туспа фольгаҕа суулаан уурдахха, балачча уһуннук турар. Фольга суох түгэнигэр кумааҕыны туһаныахха сөп.
Бакыакка уган. Саамай судургу ньыма – салапаан бакыакка угуу. Салгын киирэрин курдук кыра дьөлөҕөс оҥороргутун умнумаҥ.
Кумахха. Элбэҕи хаһааныан баҕарар дьон кумахха угуоххутун сөп. Сууйуллубатах, сөрүүн сиргэ куурдуллубут биэрэһи. Мас дьааһык анныгар араҥанан кумах, биэрэс, кумах, биэрэс кутан ууруллар.
Кырбаан тоҥоруу. Сууйан, сотон, сиэмэтин ылан, куурдан баран ким хайдах сөбүлүүрүнэн, туохха туһанарынан уһун синньигэс, түөрт муннук гына кырбаан тус-туспа бакыаттарга кутан тоҥоруллар. Кураанахтыы угуллубут биэрэс бэйэ-бэйэтигэр сыстыа суохтаах.
Сыалайдыы тоҥоруу. Сууйан баран сиэмэтин ылыллар, иһиккэ биэрэһи сабар уу кутан оргутуллар уонна отучча сөкүүндэ итии ууга уган ылыллар. Уһуннук туттахха уонна элбэҕи уктахха наһаа сымнаан, баттанан, ньалбаччы барыаҕа, тоҥноҕуна сыста сылдьыаҕа. Таһааран сойбутун кэннэ сэрэнэн бэйэ-бэйэтигэр кэтэрдэн баран салапааҥҥа уган тоҥоро ууруллар. Маннык тоҥоруллубут миэстэни ылбат, итии ууга угуллубут буолан, ириэрдэххэ туох да буолбат уонна ханнык баҕарар бүлүүдэҕэ барсар.
Өскөтүн тууһаммыт оҕурсубут…
Билигин тууһуур хаһаайка элбэх, ырысыабын хантан баҕарар булуон сөп. Ол эрээри, сороҕор оннук оҕурсу Саҥа дьылга тиийбэккэ, уута болоорон эбэтэр хачыгыраабат, сымнаан хаалбыт буолар. Тоҕо?
Хачыгыраабат. Тууһуурга барсыбат суорду эбэтэр олус улаатан хаалбыт суорду тууһаабыккыт; табыгаһа суох усулуобуйаҕа олус уһуннук туруорбуккут; аҕыйах тууһу куппуккут.
Маннык сымныы быһыытыйбыт оҕурсуну рассольник миини буһарарга эбэтэр араас соустарга, аһылыктарга эбилик быһыытынан туһаныахха сөп.
Тууһаммыт оҕурсу түгэҕэр маҥан көппөх (хлопья) үөскүүр. Өскөтүн көппөҕө элбэх буоллаҕына, ол аата, тууһуоххут иннинэ оҕурсуну тымныы ууга кылгастык туруорбуккут.
Бааҥкалаах оҕурсу маннык көрүҥнэммит түгэнигэр, иһититтэн ороон сууйуҥ уонна түргэнник сии охсуҥ. Өскөтүн көппөҕө аҕыйах буоллаҕына, сууйбакка эрэ сиэххэ сөп.
Сымнаабыт, быһыыта уларыйбыт (ньалбаччы бара сылдьар). Сымнаабыт эбэтэр кыратык үлүйбүт оҕурсуну тууһаабыккыт; бааҥкаҕа олус элбэх оҕурсуну укпуккут.
Таһааран салаакка, бөрүөккэ, мииҥҥэ, араас соустары оҥорорго туһаныахха сөп. Иккиһин тууһаан да туһа суох, син биир сымныаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: