Моркуоптан үс бастыҥ ырысыап

Моркуоптан үс бастыҥ ырысыап

Ааптар:
30.09.2023, 15:00
Хаартыска: pxhere
Бөлөххө киир:

Аһыы салаат

Биһиэхэ наада:
– 2 киилэ моркуоп;
– 2 мутук петрушка;
– 3 аһыы биэрэс;
– 30 г чусунуок;
– 400 мл мас арыыта;
– 2 ч. нь. туус;
– 2 ост. нь. 70 %-наах уксуус;
Хайдах бэлэмниибит: моркуобу, аһыы биэрэһи бытархай гына быста­лааҥ. Петрушканы бытарытыҥ. Миискэҕэ барытын холбооҥ уонна чусунуогу ыгыҥ. Онно арыыны, тууһу, уксууһу эбиҥ, үчүгэйдик булкуйуҥ. Стерилизацияламмыт бааҥкаларга кутан эрийиҥ.

Кэриэйдии моркуоп

Биһиэхэ наада:
– 3 киилэ моркуоп;
– 500 г эриэппэ луук;
– 100 г чусунуок;
– 200 г саахар;
– 2 ост. нь. туус;
– 100 мл мас арыыта;
– 100 мл 9 %-наах уксуус;
– 1 паачка кэриэйдии моркуоп тумата.
Хайдах бэлэмниибит: моркуобу теркалааҥ. Луугу уонну чусунуогу бытархай гына бысталааҥ. Барытын миискэҕэ холбооҥ, онно саахары, тууһу, арыыны, уксууһу, моркуоп туматын кутуҥ. Үчүгэйдик булкуйан баран холодильникка хоннорор ордук.
Сарсыҥҥы күнүгэр салаат уутун ыкпакка эрэ бааҥкаларга ыгыччы кутан, хаппахтарынан эрийиҥ.

Кыһыл салаат

Биһиэхэ наада:
– 600 г моркуоп;
– 100 мл мас арыыта;
– 50 мл уу;
– 500 г эриэппэ луук;
– 300 г кыһыл өҥнөөх болгарскай биэрэс;
– 250 г помидор;
– 1 ост. нь. саахар;
– ½ ост. нь. туус;
– 1 ч. нь. 9 %-наах уксуус.
Хайдах бэлэмниибит: моркуобу теркалааҥ уонна дириҥ түгэхтээх миискэҕэ арыы, уу кутан 20 мүнүүтэ кэриҥэ ыһаарылааҥ. Сотору-сотору булку­йаргытын умнумаҥ. Онно лууккутун бысталаан кутуҥ, өссө 20 мүнүүтэ уокка туруоруҥ. Салгыы биэрэскитин эбиҥ, эмиэ 20 мүнүүтэ кэтэһиҥ.
Помидору теркалаан, хаҕыттан араарыҥ. Онно саахары, тууһу, уксууһу кутан булкуйуҥ.
Табыллыбыт сүмэһини ыһаа­рылана турар аскытыгар кутуҥ, эбии 20 мүнүүтэ уокка туруора түһүҥ. Онтон сойбутун кэнниттэн бааҥкаларга кутуҥ.

+1
5
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
4 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: