“Морти”: “Кыайыы биһиэнэ буолуо!”
Байыаннай дьайыы сиригэр-уотугар, чуолаан киирсиилээх-утарсыылаах Угледар хайысхатыгар чугаһыы сылдьан, полевой дэниллэр мэдиссиинискэй пууҥҥа сырыттыбыт. Манна Саха сириттэн төрүттээх, байыастар үрүҥ тыыннарын өллөйдүүр “Морти” диэн позывнойдаах бырааһы кытта көрсөн кэпсэттибит.
Төһө кыалларынан…
– Бу иннинэ Ленскэй оройуонун киин балыыһатыгар онколог бырааһынан үлэлиир этим. Манна морской пехотаҕа кэлбитим сыл аҥаарыттан орто. Инники кирбиигэ киирэн бааһырбыт байыастары таһааран, туох кыалларынан, сөптөөх суһал бастакы көмөнү оҥорорго дьулуһабыт. Ол курдук, миэстэтигэр хаан барыытын тохтотон баран, суһаллык бу тэйиччи баар пууҥҥа аҕалан, көрөн-истэн эмтиибит. Ол кэнниттэн салгыы госпитальга эмтэниигэ ыытабыт. Кинилэри илдьэр анал тиэхиньикэлэр өрүү бэлэм тураллар.
Билиҥҥи туругунан икки быраас уонна анал үөрэҕи, кууруһу ааспыт санитардар баарбыт. Биллэн турар, сүрүн үлэни быраастар оҥоробут буоллаҕа.
– Бу эргин уолуҥ сулууспалыыр диэн истибитим.
– Манна буолбатах эрээри, атын сиргэ, атын чааска сулууспалыыр. Мин кэлиэм быдан иннинэ кэлбитэ. Таҥара көмөтүнэн этэҥҥэ сылдьар.
Бастакы суһал көмө элбэҕи быһаарар
– Күҥҥэ төһө байыаһы өрүһүйэҕит?
– Араас буоллаҕа. Оборуона кэмигэр аҕыйах киһи бааһыран кэлэр. Оттон кимэн киирии уонна араас хабааннаах соругу толоруу буоллаҕына, ортотунан, уонча байыас бааһыран кэлэр. Манна биири өйдүөххэ наада. Билиҥҥи сэрии олох атын, утарыта киирсии аҕыйах, үксүн артиллерия ытыалыыр. Ол иһин байыастар үксүн сэнэрээт үлтүркэйиттэн эчэйэн араас хабааннаах бааһырыыны ылаахтыыллар.
Ону тэҥэ, миинэлэртэн эчэйии элбэх. «Птичкалар» (дроннар) кэлэн, эстэр сэнэрээттэри тамнааттыыллар. Билигин үгүс байыас буулдьаттан, сэнэрээт, миинэ эмтэркэйиттэн харыстыыр бронежилеттэри кэтэр буолан, үгүс өттүгэр илии, атах бааһырыыта элбэх. Биллэн турар, эчэйии араас буолар. Хорук тымыры таарыйбыт буоллаҕына, олус сэрэхтээх, маннык түгэҥҥэ саллааты өрүһүйэр инниттэн аттыларыгар сылдьар байыастар түргэн уонна сөптөөх хамсаныыны оҥоруохтарын наада.
Эминэн-томунан хааччыллыы этэҥҥэ
– Эминэн-томунан хааччыллыыгыт хайдаҕый?
– Ол өттүнэн хааччыллыыбыт үчүгэй. Бастакы суһал көмөнү оҥорорго сөптөөх эмп-том, мэдиссиинискэй тэрил барыта баар. Наада буолла даҕаны сайаапканан барытын тута аҕалан иһэллэр. Ону тэҥэ, мэдиссиинискэй гуманитарнай көмө тохтообокко оҥоһуллар. Онон бу өттүгэр ханнык да кыһалҕа суох.
– Саллааттар эчэйииттэн ураты атын ыарыынан ыалдьан эрдэхтэрэ.
– Биллэн турар, атын ыарыы эмиэ буулуур. Куртахтара, муҥурдаахтара ыалдьар, сөтөл киирэр, температуралыыллар… Тута биһиэхэ кэлэн көрдөрөллөр. Оройуоҥҥа үлэлээбит буолан, уопут, үөрүйэх баар, онон сөптөөх көмөнү оҥоробут. Оһоҕос инпиэксийэтэ саамай кутталлаах эрээри, эрдэттэн сэрэтии үлэтэ барар буолан, билиҥҥитэ этэҥҥэ (хаҥас саннын диэки үстэ силлиир).
“Промедол”
Запорожье хайысхатынан сылдьар кэммитигэр, байыастар түһүүлэнэн сытар сирдэригэр эмискэ индоутка кэлэн түспүтүн аһатан-сиэтэн адьас чугастыы буолбуттарын олус сэргии, сөҕө көрбүппүт. Эбиитин Саня диэн хос ааттаабыттар этэ. Позывнойа «Ким» диэн. Эмиэ итиннэ майгынныыр устуоруйа бу сырыыга эмиэ баар. Мэдиссиинискэй пууҥҥа бааһырбыт байыастарга аналлаах ороҥҥо маҥан эбириэн дьүһүннээх “Промедол” диэн позывнойдаах куоска оҕото түү мээчиги санатан түүрүллүөҕүнэн түүрүллэн баран сытар. Ороннору иччилээн сытара саныахха да үчүгэй буоллаҕа.
Биллэн турар, кутталлаах
– Пууҥҥутуттан байыаннай дьайыы буола турар сирэ чугас. Кутталлаах да, сэрэхтээх да буолуо.
– Чугаһын чугас. Аттыбытыгар сэнэрээттэр кэлэн түһэллэр. Олус сэрэхтээх буолуохха наада. Хаххаланар маскировкалары туһанабыт, түүн банаардаммаппыт. «Птичкалар» көттөхтөрүнэ, саһабыт, адьас быгыалыа суохтаахпыт. Артиллериянан тибиирдэхтэринэ, подвалга саһабыт. Ол мантан туспа тэйиччи баар.
Үлэлиир сир-уот
Пууҥҥа кэпсэтэн баран, салгыы бэрэбээскини оҥорор дьоҕус дьиэҕэ киирэбит.
– Бу бэрэбээскилиир, бастакы көмө кэнниттэн өссө, көрөр-истэр сирбит-уоппут буолар, – диэн “Морти” кэпсээнин саҕалыыр. – Манна бары өттүнэн сөптөөх көмөнү оҥорон баран, анал тиэхиньикэнэн госпитальга суһаллык утаарабыт. Маҥнайгы суһал көмөнү оҥорорго аналлаах мэдиссиинискэй тэрил барыта баар. Дефибриллятортан саҕалаан ЭКГ, кислороднай боллуон бааллар. ЭКГ-ны ыарыыны сэрэтиигэ, ол эбэтэр сүрэхпит ыалдьар диэн кэллэхтэринэ туһанабыт. Дьоҕус биэлсэр пуунун курдук. Бу, көрөргүт курдук, байыаннай дьайыы хонуутугар илдьэ барар мэдиссиинискэй үрүсээгим өрүү бэлэм турар. Манна бааһырыыга туһаныллар биинтэ, баата уонна, саамай сүрүнэ, ыарыыны мүлүрүтэр эмтэр куруук бааллар.
Түмүк оннугар
– Бары билэр дьоммор, доҕотторбор, чугас аймахтарбар улахан-улахан эҕэрдэбин тиэрдэбин. Этэҥҥэ сылдьабын. Төһө кыалларынан, байыастарга көмөлөһөбүн. Уолаттар санаалара бөҕөх. Онон Кыайыы биһиэнэ буолуоҕа! Мин онно ис сүрэхпиттэн адьас эрэнэбин! – диэн «Морти» этиитэ хайаан да олоххо киириэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: