“Морти”: “Кыайыы биһиэнэ буолуо!”

Share

Байыаннай дьайыы сиригэр-уотугар, чуолаан киирсиилээх-утарсыылаах Угледар хайысхатыгар чугаһыы сылдьан, полевой дэниллэр мэдиссиинискэй пууҥҥа сырыттыбыт. Манна Саха сириттэн төрүттээх, байыастар үрүҥ тыыннарын өллөйдүүр “Морти” диэн позывнойдаах бырааһы кытта көрсөн кэпсэттибит.

  Төһө кыалларынан…

– Бу иннинэ Ленскэй оро­йуонун киин балыыһатыгар онколог бырааһынан үлэ­лиир этим. Манна морской пехотаҕа кэлбитим сыл аҥаарыттан орто. Инники кирбиигэ киирэн бааһырбыт байыастары таһааран, туох кыалларынан, сөптөөх суһал бастакы көмөнү оҥорорго дьулуһабыт. Ол курдук, миэстэтигэр хаан барыытын тохтотон баран, суһаллык бу тэйиччи баар пууҥҥа аҕалан, көрөн-истэн эмтиибит. Ол кэнниттэн салгыы госпитальга эмтэниигэ ыытабыт. Кинилэри илдьэр анал тиэхиньикэлэр өрүү бэлэм тураллар.

Билиҥҥи туругунан икки быраас уонна анал үөрэҕи, кууруһу ааспыт санитардар баарбыт. Биллэн турар, сүрүн үлэни быраастар оҥоробут буоллаҕа.

– Бу эргин уолуҥ сулуус­палыыр диэн истибитим.

– Манна буолбатах эрээри, атын сиргэ, атын чааска сулууспалыыр. Мин кэлиэм быдан иннинэ кэлбитэ. Таҥара көмөтүнэн этэҥҥэ сылдьар.

Бастакы суһал көмө элбэҕи быһаарар

– Күҥҥэ төһө байыаһы өрүһүйэҕит?

– Араас буоллаҕа. Оборуона кэмигэр аҕыйах киһи бааһыран кэлэр. Оттон кимэн киирии уонна араас хабааннаах соругу толоруу буоллаҕына, ортотунан, уонча байыас бааһыран кэлэр. Манна биири өйдүөххэ наада. Билиҥҥи сэрии олох атын, утарыта киирсии аҕыйах, үксүн артиллерия ытыалыыр. Ол иһин байыастар үксүн сэнэрээт үлтүркэйиттэн эчэйэн араас хабааннаах бааһырыыны ылаахтыыллар.

Ону тэҥэ, миинэлэртэн эчэйии элбэх. «Птичкалар» (дроннар)  кэлэн, эстэр сэнэрээттэри  тамнааттыыллар. Билигин үгүс байыас буулдьаттан, сэнэрээт, миинэ эмтэркэ­йиттэн харыстыыр бронежилеттэри кэтэр буолан, үгүс өттүгэр илии, атах бааһырыыта элбэх. Биллэн турар, эчэ­йии араас буолар. Хорук тымыры таарыйбыт буоллаҕына, олус сэрэхтээх, маннык түгэҥҥэ саллааты өрүһүйэр  инниттэн аттыларыгар сылдьар ба­­йыастар түргэн уонна сөптөөх хамсаныыны оҥоруохтарын наада.

Эминэн-томунан хааччыллыы этэҥҥэ

– Эминэн-томунан хаач­­чыл­лыыгыт хайдаҕый?

– Ол өттүнэн хааччыллыыбыт үчүгэй. Бастакы суһал көмөнү оҥорорго сөптөөх эмп-том, мэдиссиинискэй тэрил барыта баар. Наада буол­ла даҕаны сайаапканан барытын тута аҕалан иһэллэр. Ону тэҥэ, мэдиссиинискэй гуманитарнай көмө тохтообокко оҥоһуллар. Онон бу өттүгэр ханнык да кыһалҕа суох.

– Саллааттар эчэ­йииттэн ураты атын ыарыынан ыалдьан эрдэхтэрэ. 

– Биллэн турар, атын ыарыы эмиэ буулуур. Куртахтара, муҥурдаахтара ыалдьар, сөтөл киирэр, температуралыыллар… Тута биһиэхэ кэлэн көрдөрөллөр. Оройуоҥҥа үлэлээбит буолан, уопут, үөрүйэх баар, онон сөптөөх көмөнү оҥоро­бут. Оһоҕос инпиэксийэтэ саамай кутталлаах эрээри, эрдэттэн сэрэтии үлэтэ барар буолан, билиҥҥитэ этэҥҥэ (хаҥас саннын диэки үстэ силлиир).

“Промедол”

Запорожье хайысхатынан сылдьар кэммитигэр, ба­­йыастар түһүүлэнэн сытар сирдэригэр эмискэ индоутка кэлэн түспүтүн аһатан-­сиэтэн адьас чугастыы буолбуттарын олус сэргии, сөҕө көрбүппүт. Эбиитин Саня диэн хос ааттаабыттар этэ.  Позывнойа  «Ким» диэн. Эмиэ итиннэ майгынныыр устуоруйа бу сырыыга эмиэ баар. Мэдиссиинискэй пууҥҥа бааһырбыт байыастарга аналлаах ороҥҥо маҥан эбириэн дьүһүннээх “Промедол” диэн позывнойдаах  куоска оҕото түү мээчиги санатан түүрүллүөҕүнэн түүрүллэн баран сытар.  Ороннору иччилээн сытара саныахха да үчүгэй буол­лаҕа.

Биллэн турар, кутталлаах

– Пууҥҥутуттан байыаннай дьайыы буола турар сирэ чугас. Кутталлаах да, сэрэхтээх да буолуо.

– Чугаһын чугас. Аттыбы­тыгар сэнэрээттэр кэлэн тү­­һэллэр.  Олус сэрэхтээх буолуох­ха наада. Хаххаланар маскировкалары туһанабыт, түүн ба­­наардаммаппыт. «Птичкалар» көттөхтөрүнэ, саһабыт, адьас быгыалыа суох­таахпыт. Артиллериянан тибиир­дэхтэринэ, подвалга саһабыт. Ол мантан туспа тэ­­йиччи баар.

Үлэлиир сир-уот

Пууҥҥа кэпсэтэн баран, салгыы бэрэбээскини оҥорор дьоҕус дьиэҕэ киирэбит.

– Бу бэрэбээскилиир, бастакы көмө кэнниттэн өссө, көрөр-истэр сирбит-уоппут буолар, – диэн “Морти” кэп­сээнин саҕалыыр. – Манна бары өттүнэн сөптөөх көмөнү оҥорон баран, анал тиэхиньикэнэн госпитальга суһаллык утаарабыт. Маҥнайгы суһал көмөнү оҥорорго аналлаах мэдис­сиинискэй тэрил барыта баар. Дефибриллятортан саҕа­лаан ЭКГ,  кислороднай бол­­луон бааллар. ЭКГ-ны ыарыыны сэрэтиигэ, ол эбэтэр сүрэхпит ыалдьар диэн кэллэхтэринэ туһанабыт. Дьоҕус биэлсэр пуунун курдук. Бу, көрөргүт курдук, байыаннай дьайыы хонуутугар илдьэ барар мэдиссиинискэй үрү­сээгим өрүү бэлэм турар. Манна  бааһырыыга туһаныллар биинтэ, баата  уонна, саамай сүрүнэ, ыарыыны мүлүрүтэр эмтэр куруук бааллар.

Түмүк оннугар

– Бары билэр дьоммор, доҕотторбор, чугас аймахтарбар улахан-улахан эҕэрдэбин тиэрдэбин. Этэҥҥэ сылдьабын. Төһө кыалларынан, байыастарга көмөлөһөбүн. Уолаттар са­­наалара бөҕөх. Онон Кыайыы биһиэнэ буолуоҕа! Мин онно ис сүрэхпиттэн адьас эрэнэбин! – диэн  «Морти»  этиитэ хайаан да олоххо киириэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago